«иэнийии»
1)Сыһыан - 1.Кыйаханыыны,кыһыйыыны көрдөрөр (выражает чувство раздражения) 2.Эмискэ өйдөөн кэлиини, билэн ылыыны көрдөрөр (выражает внезапное узнавание, припоминание) 2) Саҥа алл- Соһуйа куттаныыны, уолуйууну көрдөрөр (выражает чувство изумления, растерянности и ужаса) 3) Ааҕымчылаа- Кимиэхэ эмэ харыстабыллаахтык, сымнаҕастык сыһыаннас (относиться к кому-либо намеренно мягко,бережно) 4) Ааҕыс- 4.туохха эрэ иҥэн тоҥон киир, ирдэбиллээх буол, элбэҕи эрэй (быть требовательным, взыскательным требовать, ожидать больше чем есть); Кими, тугу да кытары аахсыбат олус тойомсук, түрдэстигэс, бэйэмсэх (крайне эгоистичный, властный и раздражительный 5)Аа-дьуо- 2. Нус бааччы аймалҕана суох (тихо, спокойно, безмятежно) 6)Аай- Эмискэ көрөн, булан ылан соһуйууну көрдөрөр астыныы, дуоһуйуу, сэтэрии дэгэттээх (радостное удивление при внезапном обнаружении кого-чего-л) 7)Аай-аайбыан- Күүстээх иэйиилээхтик ытаан-соҥоон айманыыны бэлиэтиир (Выражает неутешное горе, смятение чувств) 8)ААЙ-ДА - Туохтан эрэ улаханнык дуоһуйууну, астыныыны, сөҕө-махтайа үөрүүнү көрдөрөр (Обозначает чувство восторга, радостного удовлетворения чем-л. ) 9)Аайы (аайытын)- Бэйэни сэнэнии суолталанар (Имеет значение самоуничижения) 10)Аал - 4. Ааспакка куруук ыарый, куруук эрэйдээ (Постоянно болеть, ныть); Ааспакка-арахпакка ыар санаа эргимтэтэ буолан эрэйдээ (Быть причиной постоянного страдания); Арахпакка куруук сэмэлээ, саҥар. (Надоедливо, неотступно приставать с упреками, порицаниями,пилить языком); Хараҕы аалар — куруук абааһы көрүллэр, туора көрүллэр; киһи көрө(истэ) кыйаханар (Вызывающий постоянную неприязнь, раздражение, досаду) 11)Ааллар - 4. Ааспат-арахпат ыар санааҕа эмнэр; ханнык эрэ ааспат санааҕа ыллар (Постоянно страдать от тяжелых дум; иметь неотвязчивые мысли); Хараҕын аалларар — кими, тугуэрэ куруук абааһы көрөр, көрө-билэ сылдьан кыйаханар, абарар (Постоянно раздражаться, досадовать при виде кого-чего-л. ) 12)Аалларыылаах- Киһини эрэйдиир, ааспат-арахпат (Тяжелый; неотвязчивый(о мыслях, думах). 13)Аалсыһыы - 2. Сөпсөспөт буолуу, хабырыйсыы, иирээн (Столкновения,противоречия, конфликты, трения) 14)Аалсыы - 2. Сөпсөспөт буолуу, хабырыйсыы, адаарыһыы (Конфликты, столкновения) 15)Аалын - 3. Кимиэхэ эмэ баайсан, куруук бириинчиктии, сиилии, сэмэлии сырыт(Постоянно придираться,приставать; осуждать) 16)Аалыылаах- 3.Сүрэх-быар аалыылаах — киһини куруук эрэйдиир, ааспат-арахпат ыар санаалаах, мунчаарыылаах (Имеющий тяжелые думы, причиняющие постоянные страдания) 17)Аам- Туохтан эрэ олус астыныыны, дуоһуйууну көрдөрөр (Выражает чувство большого удовлетворения, радости, довольства) 18)Аам -дьаам - Аймалҕаннаах, сүпсүктээх, түбэ суох, эрэйдээх (Беспокойный, тревожный) 19)Аамылан - Сүпсүлгэҥҥэ ыллар, сүпсүгүр, айман (Впасть в беспокойство, встревожиться; засуетиться) 20)Аамылан-саамылан - Бэрээдэгэ суох төттөрү-таары айман, бутулун (Впадать в беспокойное, сумбурное состояние) 21)Аан- Ааммын аһыма — аны миэхэ ха-һан да сылдьыма (кыыһыран, кэлэйэн холдьоҕуу). Больше не заходи, больше не открывай мою дверь (говорит возмущенный чьим-л. поведением человек). 22)Аанньатык- Аанньатык ахтыбат — үчүгэйинэн өйдөөн эппэт, куһаҕаннык ахтар (Вспоминать недобрым словом) 23)ААРГЫТЫЙ - Ааргы киһи курдук буол (сылайыыттан, хал буолууттан, кырдьыыттан эҥин) Впадать в состояние тупоумия, становиться безразличным, апатичным. 24)ААР-ДЬААЛЫ- Дьиктиргээһиннээх, кыйаханыылаах, сэнээһиннээх, күүстээх уустук иэйиини көрдөрөр (Междометие, выражающее сложное чувство сильного удивления, раздражения, пренебрежения) 24)ААР-МААР- 2.Тугу да толкуйдаабат буолуор диэри (уолуйбут, өмүттүбүт) Растерянно, потерянно 25)ААРТ-ТАТАЙ- Дьиктиргээһиннээх кыйаханыыны көрдөрөр (Междометие, выражающее раздражение с оттенком удивления); Күүстээх иэйиини, үрдүк өрө көтөҕүллүүнү көрдөрөр (Выражает сильное чувство, подъем духа, воодушевление) 26)Ааһар албас (албастаах) - тугу эмэ ситиһээри эбэтэр туохтан эмэ куотаары араастаан түөкэйдээн албыннааһын (Хитрость, изворотливость, плутовство ) 27)ААТА III - Бэркиһээһини, бэркиһээн сөҕүүнү, бэркиһээн дьиибэргээһини көрдөрөр (Выражает удив-ление, изумление с оттенком сетования,крайнего недовольства); 2.Кыйаханыы, сүөргүлээһин, абарыы иэйиитэ бииргэ холбоспутун көрдөрөр. (Выражает раздражение, крайнюю доса-ду, злобу, возмущение) 3. Улахан үөрүү, сөҕүү-махтайыы, уонна соһуччутуттан соһуйуу-долгуйуу холбоспутун көрдөрөр (Выражает чувстворадости, восхищения с оттенком изумления, волнения и неожиданности) 28)ААТА АЙЫЫТЫН - Саҥарааччы сөҕөр, сөбүлээбэт сыһыанын көрдөрөр (Выражает удивленное отрицательное отношение говорящего) 29)ААТА БУОЛЛАҔА ҮҺҮ- Саҥарааччы эрэйдэнии, долгуйуу кэнниттэн астыныытын, нус-хас буолуутун көрдөрөр (Выражает удовлет-ворение, облегчение после переживания, душевного волнения); 2. Саҥарааччы сөбүлээбэт, сүөлүргүүр сыһыанын көрдөрөр (Выражает недовольство, осуждение говорящего) 30)ААТА КҮТҮР (КҮТҮРҮ)- Саҥарааччы сөбүлээбэт, сэмэлиир, сиилиир сыһыанын көрдөрөр (Выражает недовольство говорящего с осуждением, упреком) 31)ААТА ОҔОЛОР- Саҥарааччы сөбүлээбэт сыһыанын кыыһырыы, хомнуур-сэмэлиир уо. д. а. дэгэттээх көрдөрөр (Выражает недо-вольство говорящего с оттенком раздражения, укора, пренебрежения и т. п.) 32)ААТА ҮЧҮГЭЙИН - Саҥарааччы сөҕөр, дьиктиргиир-соһуйар сыһыанын көрдөрөр (Выражает восхищение, удивление говорящего) 33)ААТА ЭТТЭХХИН (ДАА, НЬИИ) - Саҥарааччы сөбүлэспэт, сөбүлээбэккэ утары этэр эмоциональнай сыһыанын көрдөрөр (Выражает эмоциональное несогласие, возражение говорящего с неодобрением) 34)ААТТААХ II- 4. Кэлэйиини, сиилээһини көрдөрөр (Выражает возмущение, осуждение говорящего); 5. Саҥарааччы кэпсээччи эппит тылларын хатылаан туран, өһүргэнэн, уордайан-кыбдьырынан утары этиитин көрдөрөр ;При повторении слов собеседни-ка говорящим выражается обида, негодование, возражение) 35)ААТ ТУОЛАР- Кыйаханыыны, кыһыыны, абарыыны көрдөрөр (Обозначает досаду, раздражение, недовольство) 36)ААТЫГАРЫН- Сөҕүүлээх дьиибэргээһини көрдөрөр (Выражаетчувство радости с оттенком удивления,изумления) 37)АБА I- 1. Улахан кыһыы, кыйаханыы; хомойон, өһүргэнэн кыйыттыы (Досада, раздражение) 2. Тугу да гынар кыах суоҕуттан, кыһыы-хомолто түмүллүү-түттэн тахсар күүстээх иэйиини көрдөрөр (Выражаеткрайнюю степень досады, раздражения,бессильную злобу) 38)АБААҺЫ 1. - 3.Кыыһырыы, хомолто, кэмсинии холбоспут иэйиитинкөрдөрөр (Выражает сложное чувствораздражения, досады, сожаления) 39)Абааһыта киирдэ- кыыһырда, тугуда тулуйан истибэт буолла (Находиться в сильном раздражении, быть нетерпимым к чему-л.) 40)Абааһыта суох иир - улахан биллэр-көстөр биричиинэтэ суох долгуйан айман, дьону аймаа (Быть в сильном волнении безвидимой для этого причины) 41)Абааһы тириитин кэппит- киҥэ-наара алдьаммыт, тэппини истибэт буолбут (Он вкрайнем раздражении, стал совершеннонетерпимым) 42)АБАККА- 1.Олус улахан хо-молто, кыһыы (Сильная досада, крайнее раздражение) 2. Муҥутуур кыһыы-аба түмүллүбүтүн, ону тута ситиһэр, тугуда гынар кыах суоҕуттан тахсар муҥа-тыйыылаах күүстээх иэйиини көрдөрөр (Выражает крайнюю степень раздражения, бессильную злобу) 43)АБАККАЛААХ - Олус хомолтолоох, кыһыылаах, кыйаханыылаах (Крайне досадный, огорчительный, достойный сожаления) 44)АБАККАР- Кырыктаахтыккыһый, кыбдьырынан, кыйаханан өһүөннээ (Гневно возмущаться, негодовать,иметь мстительную злобу против кого-л) 45)АБАККА-СҮТТҮККЭ- Муҥур уһугар тиийбит киһи өһүөннээх муҥатыйыытын көрдөрөр (Выражает крайнюю степень возмущения вышедшего из себя человека) 46)АБА-КЫҺЫЫ - Күүскэ долгуйа өһүргэнии, кыйаханыы (Крайняя досада) 47)АБАЛАА- Кыһыт, кыйахаа (Злить, раздражать кого-л.) 48)АБАЛААХ-САТАЛААХ- Олус кыһыылаах, өһүргэстээх, кыйаханыылаах (Досадный, возмутительный) 49)АБАЛААХТЫК- Кыһыылаахтык, хомолтолоохтук (Досадно, обидно, зло) 50)АБАЛААХТЫК-САТАЛААХТЫК- Хомолтолоохтук, кыһыы-лаахтык, киһи кыйаханыан, курдук; кыйаханан, кыырыгыран (Гневно возмущаясь, негодуя) 51)АБАЛАММЫТТЫЫ- Абаламмыт курдук, абаламмыт быһыынан (Раздраженно; в досаде) 52)АБАЛАН - 2. Кыһый, кыйахан (Досадовать, сожалеть.) 53)АБАЛАН-САТАЛАН- Олус кыһыйан, кыйаханан өһүөннээхтик кырыгыр. (Гневно возмущаться, быть полным досады и негодования.) 54)АБАР - Кыһый, кыйахан (Чувствовать досаду, раздражение) 2. Олус кыыһыр, кырыгыр , өһүөннээхтик быыппаһын (Досадовать, возмущаться, злобствовать, быть в большойярости) 55)АБАРБЫТТЫЫ-САТАРБЫТТЫЫ- Абарбыт-сатарбыт курдук, абарбыт-сатарбыт быһыынан (Возмущенно, гневно возмущаясь) 56)АБАР-САТАР- Кырыктаахтык, өһүөннээхтик кыһый, өһүргэн, кыйахан (Гневно возмущаться, быть полным негодования) 57)АБА-САТА- Хомолто, кыһыы, өһүргэнии уонна кыйаханыы кырыктаах, өһүөннээх көстүүтэ (Гневное возмущение, негодование) 58)АБА-СҮТТҮ- Кырыктаах, өһүөннээх кыйаханыы муҥутуур көстүүтүн көрдөрөр (Выражает гневное возмущение, негодование) 59)АБАТА (АБАТЫН) ЭБИТ- Саҥарааччы курутуйуутун-хомойуутун, суланыытын көрдөрөр (Выражает досаду, огорчение, сетование говорящего) 60)АБЫРАН - 4. Туохтан эрэ олус дуоһуй, астын,олус табыллан көнньүөр. (Быть оченьдовольным чем-л.; получать большоеудовлетворение, подъем чувств от какой-л. удачи. ) 61)АҔАЛ- Аҕала сатыы-сатыы (сатаан) —баҕарбат эрээри, сымыйанан.(Неестественно, насильственно, через силу; притворно ) 62)АҔАРҔАА - Аҕаҕа тапталлаахтык, амарахтык сыһыаннас, аҕаны төрөөбүт оҕо тапталынан итиитик, истиҥник таптаа (Питать нежное теплое чувство к отцу, испытывать сыновнюю (дочернюю) любовь. ) 63)АҔЫН-БОҔУН - 2. Улаханнык эрэйдэнэн, ыараханы, муҥу тулуйан, ханнык эмэ буому туораа.( С большим напряжением, мучительно преодолевать какие-л. препятствия, невзгоды. ) 64)АҔЫННЬЫ- Аҕынньыта төллөр 2. туохтан эмэ олус сиргэнэн кэлэйэр, сиргэ силлиир. (Испытывать отвращение, омерзение к чему-л.) 65)АҔЫННЬЫРДАА- 2. Олус сиргэн-кэлэй.( Испытывать сильное отвращение, омерзение.) 66)АҔЫН-САНАА - Кимиэхэ, туохха эрэ дууһаҕынан курдары тартаран эрэйдэн; кими, тугу эрэ күндүтүк, иэйиилээхтик, өрүү өйдүү сырыт. (Скучать, тосковать по кому-чему-л., постоянно думать о ком-чем-л.) 67)АДАА-БЫДАА - 2. Тыл-тылга киирсибэккэ, сөпсөспөккө, этиһэн-бурайсан (В ссоре, в раздоре) 68)АДААРЫЙ - 4. Тыл-тылга киирсибэккэ бурайсан, атааннаһан арахсан бар.(Неладить, вздорить, ссориться, иметь неурядицы ) 69)АДААРЫҺЫЫ-Тыл-тылга киирсибэккэ атааннаһыы, иирсии, бурайсыы. (Раздоры, распри.) 70)АДЬАС II- Этэр санааны иэйиилээн күүһүрдүүнү көрдөрөр (Выражает эмоциональное усиление высказываемой мысли) 71)АДЬЫРЫҺЫЫ - Уохтаахтык хапсыһыы, этиһии, мөккүһүү. (Схватка, столкновение, бурная ссора); Абааһы көрсүү, өстөһүү (Вражда, ненависть.) 72)АЙ II- Үөрүүлээх биһирээһини көрдөрөр (Выражает радостное одобрение) 73)АЙА II - 2. Ыарыыланыыттан саҥа таһаарыы(ыарыыланыы көрүҥүттэн араас дэгэти ылар, хол., дьаралыйан, ньүөлүйэн,тэһэ анньан, уот аһыйан, кэйэн, аһыйан эҥин ыарыыларга араастык этиллиэн,араас көрүҥү ылыан сөп). (Выражает чувство боли ) 3. Сылайыыны, улугурууну, күүс-уох,сэниэ эстиитин көрдөрөр.(Выражает усталость, утомление, изнеможение) 4. Элэктээһини, күлүү гынан этиини,эҕэлээһини көрдөрөр. (Выражает иронию, насмешку, издевку) 5. Дьиибэргээһини, сөҕүүнү, бэркиһээһини көрдөрөр. (Обозначает удивление, изумление. ) 6. Эмискэ уолуйууну, куттаныыныбэлиэтиир (Выражает внезапный испуг и растерянность.) 74)АЙАА-БУЙАА- Талбыккынан дьаһайан, айдааран-куйдааран айбардаа (Держать себя своевольно, кричать, шуметь, чувствовать себя свободно. ) 75)АЙААР- 1. Киэҥ-куоҥ дорҕоонноох ырыаны ыллаа, айдаар, бэлэһир (Громко кричать, петь, горланить, шуметь, реветь) 2. Дарбааннаахтык кими, тугу эмэ уруйдаа-айхаллаа, албан аатын арбаа (Шумно, громко хвалить, превозносить,прославлять кого-л. ) 76)АЙААР-КУЙААР- Аан дойдуну аймаан айдаар, уйгуурт (Петь, кричать, горланить на всю округу) 77)АЙАККА-ДЬОЙОККО - Ыарыыта бэрдиттэн саҥа таһаарыы (Междометное слово, выражает чувство боли ) 78)АЙАЛАА- Ыарыыланан«айа» диэн саҥа таһаар; улахан ыарыыттан ынчыктаан саҥа таһаар (Охать,ойкать; стонать от сильной, тяжелой болезни, стенать) 79)Айаҕын атан- олус соһуйан, тугу да гыныан булбакка таалан (Остолбенев от неожиданности, удивления) 80)Айаҕыттан саҥата тахсыбат- кыайан саҥарбат буолар эбэтэр эрэйинэн, киһи өйдөөбөт гына саҥарар (ыарахан ыарыыттан, симиттэн, долгуйан) Говорить не может;говорит невразумительно, нечленораздельно(от тяжелой болезни, волнения, смущения). 81)Өлүү айаҕа - 2) өлөр-тиллэр икки ардынан турук; өлө сыһыы, өлөр куттала (Состояние между жизнью и смертью) 82)АЙГЫРАА II - 2. Дьоһумсуй, ыараа, дархаһый;оргууй дьоһуннук дархаһыйа хамсаа (Быть важно медлительным, гордым; важно, гордо колыхаться, тихо шевелиться) 83)АЙДААН-ИИРСЭЭН - Этиһии, өстөһүү (Ссора, дрязги, нетерпимые отношения друг к другу. ) 84)Аймаа- Холку, сиэрдээх туругу кэһэн, долгуйууну, куттаныыны, сүпсүлгэни таһаар (Взбудораживать, тревожить, вносить беспокойство, разлад, чувство страха) 85)АЙМАЛҔАН- 2. Дойду, дьон-сэргэ, норуот олоҕодолгуйуута, олох-дьаһах айгырааһына,сатарыйыыта (Волнения, социальныепотрясения; тревога); 3. Дууһа, санаа долгуйуута, уолуһуйуута, айманыыта (Смятение души, сильное беспокойство, волнение) 86)АЙМАН - Туохтан эрэ долгуйан сүпсүгүр, ыгылый, уолуһуй,ороһуй (Быть в беспокойстве, смятении, расстраиваться, тревожиться); Долгуй, уолуһуй, ыксаа (Быть вдушевном смятении, беспокойстве, волнении) Долгуй, сатарый (Быть в тревоге, быть расстроенным,волноваться ) 87)АЙМАН-САЙМАН- Улаханнык долгуйан сүпсүгүр, уолуһуй, ыксаа (Быть в большом смятении, тревоге, расстройстве) 88)АЙМАНЫЙ - 2. Кими эмэ олус аһынан долгуй, харааһын (Громко испытывать жалость к кому-л., жалеть кого-л.; безутешно горевать о ком-л. ) 89)АЙМАҺЫЙ- Туохтан эрэ исискиттэн долгуй, уолуһуй, айман; туохэрэ сибикиттэн сэрэнэн дьаархан (Сильно беспокоиться, тревожиться в душе;внутренне пугаться, опасаться чего-л.,предчувствуя что-л. недоброе); 2. Долгулдьуй, сүүрүгүр,түллэҥнээ, аймаммыт курдук долгуй (Волноваться, колыхаться, бурлить) 90)Айхал- 2. Дьол-соргу, үрдүк үөрүү, үрдүк дьол (Успех, высокое счастье, торжество) 91)АЙХАЛЛААХ- 2. Дьоллоох-соргулаах, үтүө туруктаах,кэскиллээх (Полный счастья, благополучия, надеждна будущее ); Үөрүүлээх-көтүүлээх, өрө күүрдүүлээх, өрөгөйдөөх (Торжественный, радостный, ликующий ) 92)АЙХАЛ-МИЧИЛ- Үөрүү-көтүү, дьол-соргу (Радость-торжество, ликование; счастье-блаженство.) 93)АЙЫ- Соһуйууну, дьиктиргээһини көрдөрөр (Выражает чувство удивления, изумления)
2. Кэлэйиини, кыйаханыыны, улаханнык сиилээһини көрдөрөр (Выражает чувство разочарования, раздражения)
94)АЙЫАЙ- Сэнээһиннээх дьиибэргээһини көрдөрөр (Выражает чувство удивления с оттенком презрения) 95)АЙЫБЫАН - Сэрэхэччийиини, куттаныыны, дьиибэргээһини көрдөрөр. (Выражает опасение, опасливое удивление) 96)Айыым таҥарам! - олус сөҕөн, долгуйан, уолуйан, куттанан саҥа аллайыы (Боже мой! (межд., выражающее крайнее удивление, волнение, ужас). 97)АЙЫЫ V - Соһуйууну, дьиибэргээһини, сэмэлээһини көрдөрөр (Выражает испуг, изумление, осуждение) 98)АЙЫЫГА - Буолбат формулах туохтууру кытта саҥарааччы хайааһын буолбатаҕын күүһүрдэн сөҕүү былаастаан бэлиэтиирин көрдөрөр (Выражает эмоциональное усиление отрицания, употребляется с глаголами в отрицательной форме) 99)АЙЫЫ ДАҔАНЫ - Этиллибит уонна этиллэр санааны абааһы көрөн утаран, сэмэлээн «сиэргэ баппат, айыылаах» диэн сөбүлээбэт сыһыаннаһыыны көрдөрөр (Выражает отрицательное эмоциональное отношение к высказываемой мысли как предосудительной, грешной ) 100)АЛААР-МАЛААР- Уолуйан, өмүттэн тугу да чуолкайдык өйдөөбөккө мээнэнэн (Растерявшись, потеряв способность соображать; растерянно, ничего не понимающе) 101)АЛААТА- Абарыыны,кыйаханыыны, абааһы көрүүнү бэлиэтиир (Выражает досаду, раздражение,крайнее недовольство); 2. Куттаныыны, кэмсиниини, кутурҕаны бэлиэтиир (Обозначает испуг, сожаление, чувство позднего раскаяния); 3. Үөрүү, сөҕүү, дуоһуйуу иэйиитэ холбоспутун көрдөрөр (Выражает чувство радости, восхищения, удовлетворения) 102)АЛААТЫКА- Абаран-сатаран кыйаханыыны, өһү-сааһы ситиһэ охсор кыах суоҕуттан уордайыыны бэлиэтиир (Выражает крайнюю степень досады, бессильную злобу); 2 . Көрө-билэ охсуох баҕаны, тиэтэйиини, ыксалтан кыйаханыыны бэлиэтиир (Выражает нетерпение, нетерпеливое раздражение) 103)АЛАКЫ- Үөрүүнү, сөҕүүнү, дуоһуйууну бэлиэтиир (Выражает радость, восхищение, удовлетворение) 104)АЛБАҺЫР- Киитэрэйдээн,араас ньыманы туттан уустук балаһыанньаттан таҕыс; сатабылгынан, булугасөйгүнэн тугу эмэни бэйэҥ туһаҕар быһаар (Своей находчивостью,хитростью,изворотливостью выходить из трудного положения; хитрить, изощряться в чем-л) 105)Алдьархай- 3. Соһуйа куттаныы, уолуйуу; кэлэйии-сөҕүү, абарыы-сатарыы уустукиэйиитин бэлиэтиир (Выражает ужас;сложное чувство крайнего изумления,возмущения, раздражения) 106)АЛЛААХ II - 1. Кыратытан, сэнээн сыһыаннаһыыны көрдөрөр (Передает слабовыраженное пренебрежительно-уничижительное отношение говорящего); 2. Этиллэр предмеккэ саҥарааччы, салласоҕус буолан баран, иһигэр соччо сөбүлээбэт сыһыанын көрдөрөр (Выражает несколько почтительное, но скрытое неодобрительное отношение говорящего к предмету речи) 107)Маҥай (маҥайкаан) аллаах баара- сэниир сыһыаны көрдөрөр (Выражает пренебрежительное отношение говорящего) 108)АЛЛАРЫЙ- Илистэ долгуй, айман (Быть в состоянии тяжелого душевного волнения, смятения)
109)Алы: алы буол- кыыһырыыны, кыһыйыыны,куһаҕан санааны аһаран сымнаан, амарахсыйан кэл (Сменить гнев на милость) 110)АМА II - Саҥарааччы саарбахтыыр, итэҕэйбэт сыһыанын ыйытыы эрэнии, сэрэтии, эрэмньилээх сабаҕалааһын эҥин дэгэттээх көрдөрөр уонна күүһүрдэр (Выражает и усиливаетсомнение, недоверие говорящего с от-тенками вопроса, уверенности, предположения, уверенного предположения и др.); 2. Саҥарааччы итэҕэйэр-эрэнэр, бигэргэтэр санаатын үксүгэр риторическайыйытыы, атын иэйии дэгэттээх көрдөрөр (Выражает уверенность, утверждение говорящего с оттенком эмоционального отношения, риторического вопроса ); 3. Саҥарааччы эмоциональнай дэгэттээх«оннук буоллар да, оннук» диэн этэнчугутар сыһыанын көрдөрөр уонна күүһүрдэр (Выражает и усиливает усту-пительное отношение говорящего с эмоциональными оттенками); 4. Саҥарааччы бигэргэтэр эппиэтин көрдөрөр (Выражает подтверждающий ответ говорящего); 5. Саҥарааччы сөҕөр-бэркиһиир сыһыанын көрдөрөр уонна күүһүрдэр (Выражает и усиливает изумление говорящего); 111)АМА ДА (ДАҔАНЫ)- Кыра соҕус мөккүһүү дэгэттээх иэйиилээх бигэргэтиини көрдөрөр (Выражает эмоциональное утверждение высказываемой мысли с некоторым оттенком полемики) 112)АМА ДОҔОР- Этэр санааны, мөккүһэн, утарсан туран, эрэмньилээхтик чиҥэтиини көрдөрөр (Выражает уверенное подтверждение высказываемой мысли с полемическим возражением); 2. Саҥарааччы итэҕэйбэт, саарбахтыырсыһыанын көрдөрөр (Выражает неверие, сомнение говорящего) 113)АМА ДУО - 2. Саҥарааччы сөбүлээбэт, үгэргиир сыһыанын көрдөрөр (Выражает неодобрение, иронию говорящего) 114)АМА ДУУ - 1. Кэпсэтээччи ыйытыытыгар, этиитигэр күүрэн-иэйэн эппиэттээһини-бигэргэтиини көрдөрөр. (Выражает эмоционально-экспрессивный подтверждение-ответ на вопрос и слова собеседника); 2. Сөҕөн-бэркиһээн туран саарбахтааһыны көрдөрөр (Выражает эмоционально-экспрессивное сомнение говорящего) 115)АМНЬЫРҔАН - Санаарҕааһынтан, ахтыыттан эрэйи көрүү, буорайыы (Болезненное состояние от тоски, печали) 116)АМТАН- Ас минньигэһэ, үтүөтэ айахха биллэрэ; аһы астынан минньигэһиргээн аһааһын (Чувство удовольствия, наслаждения от вкусной пищи) 117)АМТАҺЫЙ- Олох ханнык эрэ ыарахан түгэнин бэйэҥ эккинэн-хааҥҥынан бил (Почувствовать, испытать на себе какие-л.трудности жизни.) 118)АМЫРЫЫН - 1. Сүрдээх дьулаан, киһи олус толлор, саллар (Очень страшный, внушающий большой страх,боязнь) 119)АНЫ ТУРАН - 9) киһи бэркиһиир, күүтүллүбэтэх түбэлтэтин курдук (Как неожиданное и удивительное событие); 10) буолуон сөптөөх куттал, эбии сэрэхэдийии кур-дук (Как предстоящая опасность и дополнительное беспокойство) 120)АРААҺА - Саҥарааччы «буолуон сөп» диир, сабаҕалыыр сыһыанын быһа эппэт, саарбахтыыр дэгэттээхкөрдөрөр (Выражает допущение, предположение говорящего с оттенком неуверенности и сомнения) 121)АРАЙ I 2. «Оннук буолуон сөп» диэн, сэрэйэр-сэрэхэдийэр сыһыаны көрдөрөр (Выражает допущение, предположение говорящего с оттенком опасения); 3. Саҥарааччы туох эмэ соһуччу көстөрүн, туох эмэ эмискэ буоларын бэлиэтиир сыһыанын көрдөрөр ( Выражает отношение неожиданного обнаружения,внезапного наступления действия, устанавливаемое говорящим ) 122)АРАЙ ДОҔООР- Этэр санаа соһуччутун, эмискэтин эмоциональнайдык күүһүрдэн көрдөрөр (Выражает неожиданность и внезапность высказываемой мысли с эмоциональным усилением) 123)АРАЙ ТУРАН - Саҥарааччы көрүүтүгэр этэр санаа соһуччу курдук кэпсэнэрин көрдөрөр (Выражает неожиданный характер высказываемой мысли с точки зрения говорящего) 124)АРАЙ ТУРАН БИИРДЭ- Этиллэр санаа түбэлтэ курдугун бэлиэтиири көрдөрөр (Выражает эпизодический характер высказываемой мысли) 125)АРАЛЛААН - Туох эмэ улахан сүпсүк, айманыы, айдаан (Большая суматоха, тревога, беспокойство) 126)АРБА - 2. Саҥарааччы күлэн-үгэргээн этэрин,сөбүлээбэт сыһыанын көрдөрөр. (Выражает иронию, отрицательное отношение говорящего) 127)АРБА ДА (ДАҔАНЫ) - Туох эмэ туһунан эмискэ өйдүүбиэрэр этиини көрдөрөр (Выражает внезапное припоминание высказываемой мысли ); 2. Элэктээн, үгэргээн этиини көрдөрөр. (Выражает насмешку, иронию говорящего ) 128)Арбы-сарбы буол улаханнык санаарҕаан эбэтэр хараастан, саппаҕырбыт көрүҥнэн (Опечалиться, загрустить; иметь понурый, вялый вид из-за сильного переживания или печали) 129)АРДЫРҔАА- 2. Кими эмэ мөҕөн-этэн,саҥаран куруубайдык уонна уордаахтыкхаһыытаа; көбүөлээ (Грубо и зло ругать кого-л.; кричать на кого-л. ) 130)АРДЫРҔАС- 2.Кими эмэ кытта улаханнык саҥаран этис, көбүөлэс (Громко сильно ругаться, браниться с кем-л) 131)Ас (Аһыыр аһа ас буолбат) - күүскэ санаарҕыыр,мунчаарар (Сильно грустить, печалиться) 132)АСТЫК- 2. Киһи санаата туоларын курдук дьоһуннаах, дуоспуруннаах; олохтоох (Вызывающий удовлетворение,основательный, серьезный); Санааҕа <да> астык — туох дакэмсиниитэ суох, дууһаҕа чэпчэки. (Без всякого сожаления, на душе легче) 133)АСТЫЛАҤ- Туох эмэ үчүгэйэ, астыга. (То, что доставляет удовольствие, приятность) 134)АСТЫММЫТТЫЫ- Дуоһуйбуттуу, сөбүлээбиттии (Довольно, довольствуясь, удовлетворенно) 135)АСТЫН- Туохтан эрэ санааҥ туоларын курдук дуоһуйууну ыл (Получать удовольствие от чего-л., бытьудовлетворенным, довольным) 136)АСТЫННАРЫЫЛААХТЫК- Киһи санаата дуоһуйар, сөп буолар гына (чтобы удовлетворить кого-л.,чтобы доставило удовольствие) 137)АҺААЙ (ЭБЭТЭЭ) Өрөгөйдөөһүн дэгэттээх сэтэрээһини көрдөрөр (Выражает злорадство с оттенком торжества) 138)АҺЫЙ III- Өлбүт, ыараханнык ыалдьыбыт эбэтэр баран хаалбыткиһини суохтаан, санаарҕаан, аһынан,санааҕа ыллар (Горевать, печалиться,скорбеть о ком-л. умершем, тяжелобольном или уехавшем куда-л. далеко); Туоххуттан эмэ матан, тугу эмэ сүтэрэн хомой, кэмсин, харыһый (Сожалеть, скорбеть о чем-л. потерянном, утраченном) 139)АҺЫН I- Ким эмэ ыарахан, бөрүкүтэ суох балаһыанньалааҕын өйдөөн, кини эрэйдэнэрин чугастык ылын (Чувствовать сострадание к кому-л.; жалеть) 140)АҺЫННАРАРДЫЫ - Кимтэн эмэ аһыннарыы көрдөөбүттүү (Словно испытывая чье-л. сочувствие, жалость) 141)Аhыы -Олох аһыыта-ньулууна — киһи олоҕун уста-тыгар көрсүһэр ыарахан-чэпчэки түгэн-нэрэ, үөрүүтэ, хомойуута. (Трудные и радостные моменты, невзгоды и удачи, встречающиеся в жизни человека) 142)АҺЫЫҤАҔА - Хомойон-курутуйан кыйыттыы (Досада, горечь, возмущение) 143)АҺЫЫЛААХ-АБАЛААХ- Олус хомолтолоох, кыһыылаах; курутуйуулаах, кэмсилгэннээх (Очень досадный; горестный) 144)АҺЫЫЛААХТЫК -Олус кутурҕаннаахтык, хомолтолоохтук (Очень печально, горестно, скорбно) 145)АТААННАА- Бэйэ киэнин харыстаан, миэнэ, эйиэнэ диэн араарыс, көҥөө, батарыма (Ревниво оберегая свое (частное), не допускать, не терпеть других) 146)АТАҔАСТАБЫЛЛААХТЫК- Сүрдээх абалаахтык, киһи абарыан курдук (Весьма обидно, оскорбительно,унизительно) 147)Атах- Атаҕа сири билбэт буолла — 1) олус улаханнык үөрдэ (Сильно обрадоваться чему-л., быть на седьмом небе; не чуять ног под собой); 2) олус улаханнык куттан, уолуйа куттан (Находиться в сильном страхе); Атах-хар (сүһүөххэр) тур 4) өрө күүр, долгуй, күүскүн түмүн (Взбудоражиться, взволноваться; мобилизоваться) 148)АТ-ТАТАЙ - Сөҕүүнү, дьиктиргээһини көрдөрөр (Междометие, обозначающее удивление, изумление) 149)АТЫҤЫРЫЫ- Иһигэр киллэрбэттик, тоҥуйдук; билбэт курдук (Равнодушно, очень сдержанно; отчужденно) 150)АХ III- Дьиктиргээһини,сөҕүүнү, куттаныыны уо. д. а. көрдөрөр (Выражает удивление, восхищение, испуги т. п.)