Албын—

Өс хоһооннор

уларыт
  • Албын — албын атастаах, түөкүн — түөкүн дьүөгэлээх.
  • Албын киһи үс күлүктээх дииллэр.
  • Албын киһи тыла уҥуоҕа суох.
  • Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс.
  • Тыла мүөттээх, сүрэҕэ муустаах.
  • Тыал хоту сылдьар киһи.
  • Былыттаах халлаан курдук киһи.
  • Үрдһлэрэ үрүмэ.
  • Салыҥнаах былыт курдук киһи.
  • Сыыла сылдьан сыарҕа быатын кэрбиир.
  • Албын аал баһын хоҥнорор.
  •  

Баһа байҕал, кутуруга куйаар.

  — Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара. Бичик. Дьокуускай, 2006с, 66 сирэй.