•  

Уһун суолуҥ усталаах туоратыгар
Очурга оҕустарар
Тэхтиргэ тэптэрэр буолаайаҥый!
Татаар тыллаах таба дьаҥсайбатын,
Уон тарбахтаах утары уумматын!
Кэнчээритэ сириэдит,
Ороһута олохтоо,
Баараҕай дьиэни баһылаа,
Иэримэ дьиэни иччилээ!

  Кыыс Дэбилийэ, олоҥхоһут Н.П. Бурнашев, "Наука", Новосибирскай, 1993, С. 282
  •  

Ардайдаах сиэллээх,
Алгыстаах силиктээх
Күөгэйэр солко саламабын
Кэскиллээх кэй бараан кэнчээри
Кэлэр кэскилин иһин,
Отор тарбыйах
Тоҕой үрбэ кутун тускулугар,
Ийэ тэлгэһэ иэнигийэр илгэтигэр,
Үс боҕосколоох уһуойах мас
Туругурар тускутугар,
Айхаллаах алаас иччитэ
Арыы ньалыар аартыктаах,
Ахтаах сыт тунахтаах,
Аллар быйаҥ тускулаах
Ахсыырыма Мичил Хотун эбэм!
Тоҕус үйэ тонолуйбат тускута,
Аҕыс үйэ хамсаабат саргыта,
Сэттэ үйэҕэ сэллээбэт сиэгитэ
Тускулаан кулу!

  — Салама ыйыыр алгыстан. Эмээхсин этэр. http://sakhaetigentyla.ru/ саайтан
  •  

Саха дьоно буоларгытын
Санаан-ахтан тураҥҥыт
Саргыгытын салайан,
Тускулгутун тускуллаан,
Төрөтөр оҕону төлкөлөөн,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээн,
Быстыбат быйаҥнанан,
Тохтубат соргуланан,
Дьоҥҥут-сэргэҕит иннигэр
Дьоһуннааҕы оҥорон,
Дьоһун ааккыт ааттаннын,
Эһэҕит эппит тылларын
Эккэ-хааҥҥа иҥэриҥ,
Аҕам киһи барахсан
Алгыс тылы анаатым
Ахтан-санаан ааһаарыҥ!

  Петров Егор Сидорович Кэс тыл[1]

Өс хоһоонноро

уларыт
  • Алгыс аалы хамсатар
  • Алгыс баһа сыалаах
  • Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр.
  • Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл.

Быһаарыылар

уларыт
  1. Алгыс тылбын аныыбын, ахтан-санаан ааһаарыҥ...Норуот талааннааҕа Егор Сидорович Петров туһунан ахтыылар. Хомуйан оҥордулар: С. Т. Иванова, Г. Е. Сыромятникова; ред. Ф. А. Ксенофонтов. - Бүлүү: Бүлүү улууһун типографията, 2009. -74 с; хаарт.