Алдьархай - дьону долгутар улахан иэдээн; ханнык эмэ куһаҕан содуллаах үлүгэрдээх быһылаан.

Алдьархай туһунан өс хоһоонноро

уларыт
  • Атах анныттан алдьархай тахсар, илии аннныттан илдьиркэй тахсар.
  • Алдьархай атастаах,сут сулуулаах.
  • Алдархайтан ас тахсар, үлүгэртэн үп тахсар.

Ыстатыйалартан

уларыт
  • Сахаларга «Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй» диэн өс хоһооно баар. Бу өс хоһооно оҕо, киһи бэйэтэ оҥорор быһыыларыгар сыыһа-халты туттунарыттан куһаҕаны оҥороро элбиирин быһаарар.
  •  

  

  Хааһах
  • Чурапчыттан 5318 киһилээх 41 холкуоһу төрөөбүт дойдуларыттан күүс өттүнэн күһэйэн Кэбээйигэ, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ көһөрүллүбүтэ. 38 холкуос дьонун Кэбээйигэ ыыппыттара. Оччотооҕу салалта бу дьон дьылҕатын туора сотор дьаһалыттан 2000 киһи хоргуйан, тоҥон, буурҕаҕа мунан, араас муҥу-сору көрөн өлбүттэр. Бу көһөрүү историяҕа “Чурапчы алдьархайа” диэн ааттанан харах уулаах киирбитэ.
  •  

  

  — [Харах уулаах ахтыылары тилиннэрэн…]