Амма Аччыгыйа - Николай Егорович Мординов (1906, тохсунньу 6 - 1994, сэтинньи 14) — саха норуодунай суруйааччыта. "Сааскы кэм" арамаанын 1944 сыллаахха суруйбута. Бу арамаанынан киинэ уһуллубута.


Хоһоонноруттан быһа тардыылар

уларыт
  •  

Бараммат-хороммот
Банаардаах сырдыкка
Баҕабын толорор
Бастыҥныыр доҕорбун,
Ааҕаммын, айхаллыыр
Дьоллордоох-тускуга
Уһуйан үорэппит
Учуутал убайбар —
Эдэрдиир бэйэккэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!
Далайым уутугар
Таҥнастан сытыахнын
Далаһа кэбиһэн
Таһырдьа таһааркар,
Алаарыйар сырдык,
Айхаллаах кырдьык
Айанын суолутар
Атааран киллээркэр —
Эдэрдиир бэйэккэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!

  МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБАР!, 1926 с

Прозатыттан

уларыт
  •  

Кырдьык кимиэхэ да балыйтарбат, сырдык туохха да хаххалаппат, ньургун сүрэх туохтан да дьулайбат.

  — Сааскы кэм. - Дьокуускай: ЯКИ, 1982, с.29
  •  

Аан дойдуга туохтан да үчүгэй - эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ баар.

  — Сааскы кэм. - Дьокуускай: ЯКИ, 1982, с.26
  •  

 Улуу, кэрэ Лена өрүс, дьолго тиэрдэр килбиэннээх киэҥ айан аартыга буолан, Микиитэ иннигэр нэлэһийэ тэлгэнэн истэ...

  — Сааскы кэм. - Дьокуускай: ЯКИ, 1982, с.750

Публицистикатыттан

уларыт
  •  

Суруйааччы туох туһунан суруйара улахан буолбатах. Кини хайдах суруйара — ол улахан.

  — Аан тыл оннугар, А. Бэрияк "Хоһооннор уонна сэһэн" кинигэтиттэн, 1986