Сүрэх: Барыллар ыккардыларынааҕы ураты

Ис хоһооно сотторолунна Ис хоһооно эбилиннэ
HalanTul (ырытыы | суруйуу)
Maria.bogum (ырытыы | суруйуу)
3 устуруока:
== Сомоҕо домохторо ==
 
* Кус [[сүрэх]] - ''ол аата куттас''.(Куттас)
* Сүрэҕин-быарын сымнат (Үөрт, манньыт, санаатын көтөх, уоскут)
* Сүрэҕин ытарҕата, быарын тулаайаҕа (Баар-суох күндү, тапталлаах киһитэ, соҕотох оҕото)
* Сүрэҕин-быарын ортотунан киирдэ (Сөбүлээтэ, таптаата)
* Сүрэҕин быата уһун (Ыксаабат, тиэтэйбэт, долгуйбат, холку)
* Сүрэҕи эрийэр (Хотуолатаары гынар, сүрэҕи мөҥүһүннэрэр)
* Сүрэҕэ айаҕар таҕыста (Сүрдээхтик куттанна)
* Сүрэҕэ аһы ылбат (Улаханнык ыалдьар киһи аһаабат буолтун этэллэр)
* Сүрэҕэ бар гынна (Киһи улаханнык куттанан, сүрэҕэ эмискэ тохтуурун этэллэр)
* Сүрэҕэ баас буолбут (сүрэх баастаах) (Ыар сүтүктээх аһыыны аһыйбыт (хас да төгүл), саллыбыт, кэһэкэнэ буолбут)
* Сүрэҕэ-быара (санаата) бөҕөх (Бүтэйдии эрэнэр, улаханнык эрэнэр (ол-бу тахсыа, куһаҕан буолуо суоҕа диэн)
* Сүрэҕэ-быара сымнаата (Манньыйда, уоскуйда, үчүгэй майгыланна, үөрдэ)
* Сүрэҕэ көбөр (Сүрэҕэ эриллэр, күүскэ тэбэр)
* Сүрэҕэ өлөхсүйэр (олохсуйар, эриллэр) (Сүрэҕэ өрүкүйэн хотуолуох курдук буолар)
* Сүрэҕэ өрүкүйэр (көбөр) (Сүрэҕэ эриллэр, күүскэ тэбэр)
* Сүрэҕэр түһэр (Сытыы, сыалаах, арыылаах аһы, сүрэҕэ сэлибирээн, кыайан сиэбэт)
* Сүрэҕэр ыттарда (Туох эрэ куһаҕан буолуоҕун сэрэйэн, дьиксиннэ)
* Сүрэҕэ суох (Үлэлиэн баҕарбат, сүрэҕэлдьиир киһи)
* Сүрэҕэ таайар (Сэрэйэр)
* Сүрэҕэ тэппэт (Баҕарбат, буолуганнаабат)
* Сүрэҕэ хайдыбыт (1. Урут алдьархайга, дэҥҥэ-оһолго түбэһэн, куттас буолбут, саллан хаалбыт, кэһэйбит. 2. Куттанан, соһумар иэдээнтэн өлбүт.)
* Сүрэҕэ халыҥ(Аһыныгаһа суох)
* Сүрэҕэ ытырбахтыыр (Куһаҕан буолуон сэрэйэн сүрэҕэ ыалдьар, дьиксинэ саныыр)
* Сүрэҕэ ыалдьар (1. Кыһанар, көмөлөһүөн, үтүөнү оҥоруон баҕарар)
 
== Өс хоһоонноро ==