Анна Саввинова-Дабайа - саха тылын уонна литэрэтиирэтин биллиилээх учуутала.

  •  

Хайдахтаах да ыар буруйдаах киһиэхэ ханан эрэ күлүм гынан ааһар сырдыгын умулуннарбакка, күөдьүтэн биэрэр буоллар, арааһа, киһитийэн, сиэр-майгы тупсан, буруйу оҥоруу лаппа аҕыйаан, биирдэ бэриллэр олоҕу дьон куттал-саатал быыһыгар олорбокко, көҥүллүк, чэпчэкитик олоруо этилэр...

  — Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.67
  •  

Саас дэриэбинэҕэ дьиэ таһыттан сирэм күөх силигэ ситэн көҕөрүүтэ оннооҕор орой-мэник оҕо хараҕа оттомуран, ону-маны өйдөөн, кэрэхсээн көрөр кэмэ буолар.

  — Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.68
  •  

Саха киһитэ уннуьуктаах уһун кыһын тыына, сэниэтэ быста сыһан баран иккис саҥа тыынын, күүһүн-күдэҕин ылынар кэмэ – сайын.

  — Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.75
  •  

Олох барахсаҥҥа үтүө-мөкү холбуу өрүллэн сылдьаахтыыр буоллаҕа, ким хайдах сатыырынан, толкуйа тобулларынан олоҕун оҥостон эрдэҕэ.

  — Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.95
  •  

Кэм-кэрдии барахсан тугу эмтээбэтэҕэ баарай, хайдахтаах да сырҕан бааһы оһорон кээһэр дууһа, сүрэх эмчитэ буоллаҕа.

  — Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.96