Арамаан Чонтуунап
Чонтуунап Арамаан (Таатта олоҥхоһута) Айыы аймахтарын алтан айаҕынан араҥаччыласпыт, күн улуустарын күндү көмүс күөмэйинэн көмүскэспит, орто дойду олоҕун - дьаһаҕын олоҥхотунан хоһуйбут, Таатта биир талыы ырыаһыта, ытык мааны кырдьаҕаһа Чонтуунап Арамаан ( Андросов Роман Семенович — 1863— 1944 с ) Баайаҕаҕа, бастаан «Хамыстаахха» — «Миитэрэй Алааһыгар», арыый кэлин (Улахан алааска) олорбута. Түөрт оҕону улаатыннаран, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ. Ырыанан, олоҥхонон бэрт эдэр сааһыттан идэтийбитэ. Инньэ гынан сайыҥҥы улахан түмсүүлээх ыһыахтары аһыыга ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьан ыллыыра-туойара, алгыыра даҕаны, Оччолорго, Баайаҕа нэһилиэгэр, кинини кытары тэҥҥэ туойсар, олоҥхолоһор киһи суох буолан, аҥардастыы аатырбыта-суолурбута эрээри көрсүөтэ, сэмэйэ бэрт буолан, эккирэтиһэн туран ыллаабатах. Олус намыын, намылхай, дьикти кэрэ дьырылас куоластааҕа. Қини ыллыыр куолаһа атын ырыаһыттартан чыҥха атын, исиһиттэн киһини абылыыр күүстээх, киэҥ-куоҥ, дириҥ, үрдүк лирическэй иэйиилээх буолан, дьон болҕомтотун бэйэтигэр магнит курдук тардар уратылааҕа. Дьэ ол иһин, дьоннор Чонтуунап Арамаан хаһан, ыллыырын эрдэттэн чуҥнаан билэ сатыыллара. Сайын кэлэрин кэтэһэр курдук кэтэһэллэрэ. Кини уутуйан ыллаатаҕына дьоннор туох баар күннээҕи эрэйдэрин-буруйдарын, кыһалҕаларын, оннооҕор ыарыһахтар ыалдьар ыарыыларын да умнан туран абылаппыттыы аҥаарыһан олорон иһиллииллэрэ.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
==Литэрэтиирэ==Таатта олоҥхоһуттара,ырыаһыттара