Улдьаа Харалы (Дорофеев Аркадий Максимович)

Аркадий Максимович Дорофеев-Улдьаа Харалы - саха суруйааччыта, РФ суруйааччыларын сойууhун чилиэнэ, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэhитэ.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

"Күhүҥҥү киhи күлбүтүнэн" диэн өбүгэлэрбит сөпкө да эппиттэр эбит. Ол эрээри күhүҥҥү нүөл дьадаҥы ыалга уhааччыта суох. Бастаан тууга мунду киирбэт буолбута. Кус-хаас соҕуруу, ичигэс дойдуга көппүтэ. Күөллэр мууhунан бүрүллүбүттэрэ. Онтон күннээх түүн сыарҕа хаара түhэн үллүктээбитэ. Халлаан көннөрөөтүн тоҥорон чачыгыраппыта. Бүттэҕэ ол. Кыhын тойон урут хайдах кэлэрэй да, сол оннук ыксаан-тыҥаан, ыган-түүрэн тиийэн кэлэн, "тиҥ" гына тиҥилэхтээбитэ, "лүҥ" гына сутуруктаабыта.

  — Киhи-хара буолаары. - Дьокуускай: Бичик, 2015, с.6
  •  

Балаҕаҥҥа киирбитэ, оhох тигинэччи оттуллубут. Найгы били кыыhын кытта балык хатырыктаан эрэллэр. Кыыс мылас гынан, Кынаты көрөн алаарыс гыннараат, умса туттан, балыгын үөстуур. Төгүрүк маҥан сирэйдээх, киэҥ сандаархай харахтаах мыс курдук эттээх кыыс эбит. Оттуллан турар оhох уотугар кыыс сирэйэ ордук тэтэрэн көстөр. Кынат кыыhы одуулаан турарыттан кыбыстан, сонун устан көхөҕѳ ыйыыр.

  — Киhи-хара буолаары. - Дьокуускай: Бичик, 2015, с.15
  •  

Биир киэhэ килэриччи салгын сиэбит Өөкө уол көтөн түhэр, мичээрдээн, үп-үрүҥ тиимтэрэ кэчигирэhэллэр.
- Һок, үрдүк айыыларбыт бөҕө Өөкөнү үөрдэн-көтүтэн түhэрдилэр! - Чомой хоноhону айхаллыы көрсөр.
Саха ыалыгар хоноhо хоноро куруук даҕаны солун, үѳрүүлээх. Кэлин кэмнэргэ Чомойдортон арахпат буола сылдьар Кылас кыыс тигэ олорор ииhин туппутунан хаҥас диэки түhэр. Сотору Туллук киирэн кыргыттары ыҥыртаан таhаартыыр. Бу киэhэ кыргыттар хайдах эрэ уратытык туттан сылдьаллар, туспа дугуйданаллар.

  — Киhи-хара буолаары. - Дьокуускай: Бичик, 2015, с.67
  •  

- Кыыс хайдах сүппүтүн удумаҕалаан эрэбин, - диир тардына соҕус Ньээппиит.
- Хайдах буолуой? Чучунаа илтэҕэ дии, - Ханай малтаччы этэр.
- Мин даҕаны оннук быhыылаах диибин, - Ньээппиит кэтэҕин тарбанар. - Бииргэ мунаарабын: кыыспытын Дьааҥы диэкиттэн кэлэн илтилэр буолла, Учур диэкиттэн кэлэн былдьаатылар буолла?..
- Учур диэкиттэн манна тиийэн кэлэллэрэ саарабыл, Күп-Эдьээн, Бууйаҕа тоҥустарын уҥуордууртан туттунуохтара. Ол дьонуҥ көрөр харахтара сытыыта, истэр кулгаахтара чуора сыттаҕа дии, - Ханай сыҥааҕырдаан ылар. - Бары утуйбуттар дуо? Уолаттар баран чуҥнаан кэлиҥ эрэ.

  — Киhи-хара буолаары. - Дьокуускай: Бичик, 2015, с.149