Баишева-Федорова Людмила Алексеевна

Людмила Алексеевана Баишева-Федорова - ааптар-хомуйан оҥорооччу.

  •  

Саха өйдөбүлүнэн, буор - ийэ, халлаан - аҕа, уу - эбэ, уот - эhэ. Сир-дойду, эбэ, хайа, хара тыа барыта иччилээх. Эhэкээҥҥин Аан Уххан Тойону - уот иччитин аhата, кини нөҥүө ытык иччилэрдиин кэпсэтэ, кинилэртэн көрдөhө сылдьар буол.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.13
  •  

Баай хара тыа иччитэ Байанай, уу иччитэ Күө Боллох Тойон маанылаатахтарына, махтанан баран, сөп буоларгын эрэ ыл.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.13
  •  

Киhиэхэ саамай күндүтэ - "Биhигин ыйаабыт сирэ", төрөөбүт Ийэ дойдута.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

Хас биирдии киhи дьиэ кэргэнин, иэримэ дьиэтин, Ийэ дойдутун көмүскүүр ытык иэстээх.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

"Сурахтаах дойдугун, ааттаах алааскын" - биhиккин истиҥник таптаа, иитиллибит иэстээххин мэлдьи өйдөө.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

Саха киhитэ төрөппүттэрин, норуотун, Ийэ дойдутун хаhан да таҥнарбат.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

Мунньуллубут баай-дуол, үп-харчы, дьиэ-уот доуhуйууну аҕалар, ол эрээри киhини дьоллоох оҥорбот.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

Дьол диэн киьи баҕа санаатын туолуута, онтон сүргэтэ муҥутуур көтөҕүллүүтэ.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

Төрөппүттэр, оҕолор, сиэннэр - биир кэлим дьиэ кэргэн.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.21
  •  

Саха өйдөбүлүнэн, киhи ыал буоллаҕына эрэ бүтүн буолар, сулумах - киhи аҥаара.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.21
  •  

Таптал - киhи аймахха айылҕаттан бэриллибит ытык, дириҥ, ыраас иэйии. Икки киhи эрэ билиэхтээх уйан иэйиитин - тапталгын туора харахтан харыстаа, дьон сэргэ ортотугар уураhыма, куустуhума.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.23
  •  

Күнүү - моҕой, түөскэр уйалаама. Бэйэҕэр эрэлэ суоххун, тапталааххын итэҕэйбэккин туоhулуур.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.23
  •  

Кэргэгиҥ - кэнчээри ыччаккын тэнитээри олоҕуҥ суолун холбообут, саамай чугас уонна эрэллээх доҕоруҥ.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.23
  •  

Дьиэ кэргэн бөҕө буолуута кэргэнниилэр бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээхтэригэр тирэҕирэр.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.25
  •  

Төрүччүгүн үөрэт. Ийэҥ да, аҕаҥ да өттүттэн тоҕус көлүөнэни ааҕа билиэхтээххин. Сотору кэминэн эн эмиэ ол быстыбат ситим сорҕото буолуохтааххын өйдөө.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.36
  •  

Үлэҥ түмүгүттэн дуоhуйар буолуохтааххын. Оччоҕо эрэ таhаарыылаах улэhит буолуоҥ.

  — Саха сиэрэ-майгыта, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.53