Байаҕантай-Старостин Егор Гаврильевич - саха суруйааччыта, бэйиэт, учуонай.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Өлөрсүү-өһөрсүү күн анныгар төрүүр-үөскүүр ханнык баҕарар харамай айылгытыгар баарын курдук киһини да тумнубатах. Ону туох уҕарытыай, киһи аймаҕы уйан сүрэхтиэй, айыы санаалыай? Көстүбэт, көстүө да суох быһыылаах кыргыс тыынын тэһиинниир күүс.

  — "Күн киһитэ көмүскэс эрээри..." кэпсээнтэн, "Күн киһитэ көмүскэс эрээри..." хомуурунньук, Дь., Бичик, 2019, 75 с.
  •  

Биир киһи баҕатынан салаллыбат ээ бу Орто дойду атааннаах-мөҥүөннээх олоҕо.

  — "Күн киһитэ көмүскэс эрээри..." кэпсээнтэн, "Күн киһитэ көмүскэс эрээри..." хомуурунньук, Дь., Бичик, 2019, 75 с.
  •  

Эдэр эрдэххэ куруук өрө ыттыы, дабайыы буолара. Барыны-бары кыайыах курдук санаа баара. Ааһан иһэн оту-маһы тардыалаан көрүллэр буолуллара. Ол кэмҥэ төһө үрдүгү дабайбытыҥ кэнники олоххун быһаарар эбит быһыылаах.

  — "Мумматах киһи" кэпсээнтэн, "Күн киһитэ көмүскэс эрээри..." хомуурунньук, Дь., Бичик, 2019, 43 с.
  •  

Куобах ким эрэ сүгэһэригэр угуллан дьэ уоскуйбут курдук бүтэһиктээхтик кумуллан хаалла.

  — "Содул" кэпсээнтэн, "Күн киһитэ көмүскэс эрээри..." хомуурунньук, Дь., Бичик, 2019, 5 с.
  •  

Үрүҥ, хара кылтан төрдө-төбөтө суох ситии хатабын.

  — Эн биһикки көрсүбэтэхпит ыраатта. - Дьокуускай: Бичик, 2014, с.48
  •  

Биир сыл бүттэ .
Тугу ситтим?
Ким эрэ сүктэ
кыайбатахпын.
Ким эрэ бүктэ.
Саһар сир баара.
Ким эрэ сүттэ
тиийбэккэ аара.


  •  

Сириэдийбит аар хатыҥ
хаарга баттатан турар,
сырдык түүллэри түһүүр,
сылааһынан ыраланар.
Лабааларын быыһыгар
чыычаах ырыата
кырыа буолан тоҥмута
күн уотугар оонньуур


  •  

Күөх сэбирдэх, кинигэ быыһыгар
эйиигин хатарбыттар.
Сайын бытархайын санааларыгар
хаһаана сатаабыттар.
Үүт тураан киэһэлэр бааллара
миэхэ даҕаны анаан.
Оччоҕо ыпсаҕай хоһоон тыллара
суруллаллара сатаан.
Бүгүн хоһоонум – хаппыт сэбирдэх.
Тыла-өһө тоһуттаҕас.
Баар үһүө киниттэн кэбирэх,
тыалга-кууска аһаҕас…


  •  

Баар киһи өйүгэр-санаатыгар баппат эйгэ.
Ким эрэ таба үктэнэр дьолго, ким эрэ эрэйгэ.
Онно да хараҥа-сырдык солбуһаллар.
Үрүҥ-хара сурааһыннар субуһаллар.
Сааһылыы-наардыы сатыыртан айылыннаҕа
аҕыс хаттыгастаах халлаан айылҕаҕа.
Сурук-бичик буолан түһэр онно холоон
кээмэйдээх-хаарчахтаах көнө хоһоон.


  •  

«Күн-дьыл уҕараабат тыала-кууһа,
Ууллуохтааҕар чигдитийэн иһэр хаара-мууһа
Тонотолоон илдьэ барар доҕотторбун-атастарбын,
Көөрөттөр көөрөтөр күндүтүк саныыр эйгэбин…»

Байаҕантай туһунан

уларыт
  •  

Поэт Байаҕантай хоһооннорун тоҕо истиҥник ылынабыный диэтэххэ, кини хас биирдии хоһоонуттан киһи уйулҕатын уһугуннарар, салгыы элбэҕи толкуйдатар ураты сүүрээннэр эккинэн-хааҥҥынан "дьырылаан" киирэллэриттэн

  — (Уйбаан Мигалкин).Эн биһикки көрсүбэтэхпит ыраатта. - Дьокуускай: Бичик, 2014, с.48
  •  

Философ уонна психолог быһыытынан Егор Старостины – Байаҕантайы үрдүктүк сыаналыыбын. Итини тэҥэ, билиҥҥи кэмҥэ, бэйэтин көрүммэт, сууммат-тарааммат, ыһыллаҕас киһилии хоһоон диэн ааттанар суруйуулар элбээбит кэмнэригэр, дьиҥ поэзияны булан ааҕыы соһуччу үөрүүлээҕин тэҥэ, олус да күүттэриилээх буолла.

  — (Иван Мигалкин). Поэт Егор Старостин – Байаҕантай 60 сааһын туолла - Sakhalife.ru
  •  

Дьиҥнээх поэт, улахан поэт хорҕойон сылдьар эбит, мин санаабар. Бу уобарастара сонунун, хоһооннорун формалара арааһын, бу тыла минньигэһин!

  — Николай Афанасьевич Черемкин-Ньукулай Байды (Кыым, Кулуһун)
  •  

Байаҕантай былыр-былыргыттан этиллэр санааны, биллэр чахчыны даҕаны олус истиҥник, сонуннук эргитэн хоһуйар уонна аҕыйах, кэмчи тылынан үйэлээҕи, киэҥи кэбэҕэстик, биирдэ этэн кэбиһэр ураты дьоҕурдаах этэ.

  — “Баҕарабын… мунчаарыы муҥура биллибэт байҕалыттан күннээх кырдалга сиэтэн таһаарыахпын” “Кыым”, “Күрүлгэн” уран сурук чинчиһитэ Валентина Григорьевна Семёнова, суруйааччы Галина Томская-Айыына.
  •  

Соторутааҕыта төрөөбүт дойдутугар анаабыт хоһоонугар доҕоро Сэмэн Ермолаев-Сиэн Өкөр ырыа айан ыллаабытын батсаапка үллэстибитэ баара… Дойдутун Кэриэс Халдьаайы диэбит этэ, Кириэс Халдьаайы диэбэккэ. Онно “ырыа тахсыбат диир хоһооннорум ырыа буолар аналлаахтар эбит!” диэн ис хоһоонноохтук бэйэтэ да сөхпүттүү уонна улаханнык үөрэн суруйбута. Ол түгэҥҥэ кэрэхсээбиппин биллэрбэккэ, суруйбакка хаалбыппын. Оттон билигин Байаҕантай хоһоонноруттан-кэриэстэриттэн уйаҕас, куту-сүрү долгутар саҥа ырыалар хайаан даҕаны тахсыахтарын баҕардым…

  Афанасий Гуринов-Арчылан http://www.edersaas.ru/baja-antajdyyn-byrastyyla-yy/


  •  

Мин эрэнэбин, Егор Старостин-Байаҕантай айар үлэтэ саха поэзиятыгар кэлэр кэмнэргэ кимнээҕэр да ордук үөрэтиллэр, ордук биһирэнэр буолуо. Кэм-кэрдии көмүс илимигэр талыллан-сүүмэрдэнэн хаалар күндү баай — кини айымньылара буолуохтара».

  Наталия Михалева—Сайа http://www.edersaas.ru/baja-antajdyyn-byrastyyla-yy/