Бертран Рассел — бөлүһүөк, математик.

  •  

Либерализм уон кэс тыла
1. Тугу да бүтэһиктээх чахчы курдук ылыныма.
2. Чахчыны кистиир туһалаах дии санаама, чахчы хайаан да сырдыкка тахсыаҕа.
3. Толкуйдууру хаһан да тохтото сатаама, тоҕо диэтэххэ бу баҕас сатаныа.
4. Утарсыыны көрүстэххинэ, эриҥ буоллун, оҕоҥ буоллун, ону аптарытыаккынан буолбакка, аргуменнарынан кыай, тоҕо диэтэххэ, аптарытыаты туһанан кыайыы дьиҥ кыайыы буолбатах, кыайыыга маарынныыр эрэ.
5. Туора киһи аптарытыатынан салайтарыма, тоҕо диэтэххэ ханнык баҕарар аптарытыаты утарар аптарытыат хаһан баҕарар көстөр.
6. Атын дьон санааларын, омсолоох дии саныыр да буоллаххына былааскынан хааччахтыы сатаама, тоҕо диэтэххэ ол санаалар бэйэҕин хааччахтыахтара.
7. Туора-тосту санааны этэртэн толлума, билигин дьон бары тутуһар санаата урут хаһан эрэ тосту-туора курдук көстөр этэ.
8. Өйдөөх утарыта турсууттан таах сөбүлэһэн кэбиһиитээҕэр ордук улаханнык астыныахха сөп, тоҕо диэтэххэ өскөтө эн өйү өрө тутар буоллаххына өйдүөхтээххин — бастакыга иккистээҕэр ордук дириҥ сөбүлэһии баар.
9. Куруук кыларыйар кырдьыгы этэр буол, төһө да ол табыгаһа суоҕун иһин, тоҕо диэтэххэ кырдьыгы кистиир син биир ордук табыгаһа суох буолар.
10. Акаары ырайыгар олорор дьон дьолун ордугурҕаама, тоҕо диэтэххэ акаары эрэ киһи онтон дьолу булар.

  — "Нью Йорк Таймс" сурунаалга 1951 с. бэчээттэппит ыстатыйатыттан