Биики (ааҥл. wiki) —

  •  

Ыра гыммыт
Ырай сирим
Ыллык суола
Ымсыырдан,
Бэргэн этиим
Бэрдин талан
Бэлэмнээн,
Билиим сыыһын
Биики диэҥҥэ
Бичийэн
Аатым - суолум
Ааттанан
Аҥнан - бохтон
Аттаныам буоллаҕа...

  Дьэбдьиэйэ Кузьмина. "Сахам сайдам саҥата" бассаап-бөлөхтөн, 05.11.2023
  •  

Өркөн өйүм
Өргөн өһүм
Өлбөт үөстээх
Өспөт өҥнөөх
буолаарай биикигэ суруйан

  Дьэбдьиэйэ Кузьмина. "Сахам сайдам саҥата" бассаап-бөлөхтөн, 05.11.2023