Биики Домох:Көмө
Бастаан ааптар туһунан ыстатыйа оҥороҕун. Ыстатыйа аата маннык буолуохтаах (араспаанньата инники): Иванов Иван Иванович, өскөтө псевдонимынан биллэр буоллаҕына псевдонима аат буолар, холобур: Кэлэҕэй Кэтириис.
Онно бастаан ааптар туһунан кылгастык суруйаҕын. Холобур:
Кэлэҕэй Кэтириис (1931-2018) - Бүлүүттэн төрүттээх саха бэйиэтэ. Дьиҥнээх аата Иванов Иван Иванович.
Онтон кини саҥарбыт саҥатын, эбэтэр суруйбут тылларын угаҕын:
Хатан хараҕыҥ уотунан таһырдьа дьалкыт! (Кэтириис кинигэтэ, Дьокуускай, Көмүөл, 2010, С.123)
Онтон ол киһи туһунан ким эрэ эппитин туспа "Кэлэҕэй Кэтириис туһунан" диэн түһүмэххэ угаҕын:
Кэлэҕэй Кэтириис киһиттэн эрэ ураты кэрэ киһи этэ (Мотоҕор Мотуруус, "Мотуруус хоһоонноро", Бичик, 2017).
М Айаннаары туран, ахтата хайдыбыт диэбиккэ дылы.