Ядрихинскай Прокопий Прокопьевич — Бэдьээлэ (31.03.1901—04.02.1979) — ырыаһыт уонна олоҥхоһут, Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

  •  

Ол кэтэх өттүнэн
Кэмэ-кэрдиитэ биллибэт
Күөх нуурал байҕал
Кырыы кылдьыытыгар
Көтөр кынаттаах бииһэ
Көччөхтөөн көтөр,
Сараан ааһар сирэ эбит.
Кырыаны билбэтэх кыһынаах,
Өксүөнү көрбөтөх күһүннээх,
Барбатах бараахтаах,
Көппөтөх көҕөннөөх,
Кэрээбэтэх кэҕэлээх
Эргичийэр киинигэр
Кырындыал маҥан кырдалын
Кылдбалдьыйар кырсыгар
Кыстык дьиэбит буоллун диэн
Тоҕус уон саһаан усталаах,
Аҕыс уон саһаан туоралаах
Маанылаах бастыҥ
Мас маалтаар балаҕаны
Тутта охсон кээспиттэр эбит.

  Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр, Сайдам, 2011