Бэйэтэ эмтиэкэ (Суорун Омоллоон)

Айымньы туһунан

уларыт

1935 сыллаахха суруллубута. Ааптара: Суорун Омоллоон. Кэпсээҥҥэ сэбиэскэй кэм ойууланар. Саха сиригэр биирдиилээн хаһаайыстыбалары эһэн, холбоһуктааһын бара турар кэмэ. Саха норуота хараҥа олохтон сырдыкка тардыһар, араас куһаҕан кэмэлдьиттэн босхолонор кэмэ. Ол быыһыгар политикаҕа, кэм-кэрдии уларыйыытыгар быһаарсыбат, кыттыбат Макаар диэн ааттаах оҕонньор бэйэтин бэйэтигэр олорор. Оҕотун, эмээхсинин бэйэтэ эмтээн турардаах. Онон балыыһаҕа атаҕынан үктэнэ илик киһи. Дьэ, бэйэтэ эмтиэкэ! Биир кэмҥэ күүскэ ыалдьан, балыыһаҕа көрдөрө барарын, эмтэнэрин сэһэргиир кэпсээн. Айымньы оскуолаҕа саха литературатын 7 кылааска үөрэтии программатыгар киирэ сылдьар.

Макаар

уларыт

"Макаар – "Бэйэтэ эмтиэкэ" айымньы сүрүн дьоруойа. Толору аата Бөтүрүөп Макаар. Балаҕан баһылыга, алаас ытык иччитэ, арҕахтаах эһэ бэйэтэ тахсан сылдьарын курдук оҕонньор. Дьон мустар сиригэр олоҕун тухары сылдьыбатах киһи".

"Бэйэтэ эмтиэкэ" айымньы көрүдьүөс түгэннэрэ:

уларыт

1."Макаар сиэстэрэ бастакы тылларын сатаан истибэтэ, арай, төттөрүтүн кэлэн, куһаҕаҥҥа сэргэҕэ дэлэтэ дуо, «окуоскаҕа бар» диэбитин «кокуоскаҕа бар» диэтэ диэн, тиэрэ истэн таһаарда."

2. - Дьэ, тоойуом, көрөн абыраа, көрдөрө кэллим.

- Урут сылдьыбытыҥ дуо?

- Ээ, уруккуттан ыалдьардаахпын, иһим ыарыыта өрө туран кэбистэ.

- Урут сылдьыбытыҥ дуо диибин ээ?

- Туох даа-аа?

- Урут сыл-дьы-бытыҥң дуо?

- Ээ, ыалдьан, ыалдьан. Бу икки хонно өрө турбута… - диэн буолла.

Дьон айдаара, күлсэ түстүлэр. Биэс-алта киһитэңинэн кэлэн: «Урут сылдьыбытыҥ дуо?»- диэн, үрүт-үрдүгэр ыйытан, эбии дөйүтэн эбистилэр. Ол да буоллар, иирбит, итирбит киһи баарай, лэбэһэн-лэбэһэн, быһаардылар: урут сылдьыбатах эбит. Биирдэ саһаан киллэрэ сылдьыбыта үһү дээ, ону бу чуолҕанынан суруйтарбатаҕа үһү.

Аны туран нууччатымсыйбыт баҕайы сиэстэрэ кыыс эмиэ ыйытта:

- Киминэн ыҥырыллаҕын? - диэтэ.

Макаар тугу да өйдөөбөтө, хараҕын эрэ чыпчылыҥнатта. Турбахтыы түһэн баран:

- Туох даа-аа? – диэтэ эмиэ.

- Чуорту, киминэн ыҥырыллаҕын диибин ээ?

Макаар дьэ мэлийдэ. Түрдэһиннэ. Тэпсэҥнээтэ. Хараҕын миин курдук көрдө. Ыксаата, мэктиэтигэр сыыҥа чоккураан түспүтүн билбэтэ уонна үнэн-үнэн:

- Суох, кими да ыҥырбаппын… Иһим…- диэн эрдэҕинэ, дьон эмиэ күлсэн тоҕо бардылар: «Аатыҥ, аатыҥңкимий?» - дэстилэр.

Оҕонньордоро анны туран аатын умнан кээспит. Өр талан турда. Онтон, хараҕын хайдах эрэ урулус гына көрөн баран, аргыый эмээхсиниттэн ыйытта:

- Эмээхсиэн, аатым ким этэй?

- Күтүр иирбит дуу, оттон Макаар буолбаккын дуо?

- Ээ, арба, кырдьык, Макаар, Макаар…- диэхтээтэ, ол-бу диэки көрө- көрө.

3. - Төрүт туһалаабыта биллибэт. Бу курдук бытааннык тиийэр буоллаҕына, өтөр абырыа суох. Биэрэллэрэ кырата бэрт, саатар, ньуосканан буоллар, оҕону албыннаабыкка дылы, таммаҕынан буола-буола. Бу тухары кэччэгэйдэрэ, - дии-дии, иһиттээх эмин иҥэннэттэ. Онтон: - Ойоох, аҕал эрэ ыл сэлиэнэйдэ, - диэтэ. Сэлиэнэйи ылла. Онтон эмин эмиэ иҕэҥнэтэн көрөн баран, сэлиэнэйигэр олорчу таҥнары кутан кэбистэ. Эмп үөрбүт-көппүт курдук кылдьыгыраата, кыһыл арыгы курдук кылбаҥнаата, сыта дьар гына саба биэрдэ.

- Аата, кинини бодьуустаһан. Тиийэр буоллаҕына сотору тиийдин. Мин бэйэм эмтиэкэбин! – диэн баран, Макаар сэлиэнэйдээх эмин соҕотохто кэҕис гыннаран кэбистэ…

Дьэ, доҕоор, аҕыйах чаас гынан баран, Макаар иһэ икки хара тыа саҕа сараччы үллэн тахсыбат дуо! Дьоллооҕуҥ кыранан толунна, - барбах түүнү быһа дьаам эрэ сүүрдэн таҕыста…