Бүөтүр Тобуруокап (25.10.1917—06.03.2001) — саха норуодунай бэйиэтэ, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1957 с.)

  • Таптыырга буруй суох.
  •  

Сүрэхпэр күн ийэм мичээрин
Кичэллик кистэммит буоламмын,
Киҥнээх дьон кырыылаах хараҕар
Кыһаммат буолбуппун быһыылаах.

  •  

Үлэҕэ, үөрэххэ даҕаны
Үүт көрдүүр оҕолуу батыһан,
Өбүгэ үчүгэй үгэһэ
Араҕан биэрбэтэ алыһын !

Өскө наһаа баҕарыаҥ, Наһаа күүскэ кыһаныаҥ – Баҕарбыккын толоруоҥ, Санаабыккын оҥоруоҥ!


  • Сүрэххэ баттах үүммэт.


  •  

Тапталы Сир биэрбитэ,
Дьолу да Сир биэрбитэ,
Бу дьиктилээх бэлэхтэрбин
Сүтэримээр диэбитэ.

  •  

Сиргэ төрөөн, киһи буолбут
Эн бараммат иэстээххин,
Санаа эрэ онтугун
Тугунан төлүөхтээххин.

"Хоhоон - сибэкки дьöрбöтö буолбатах"

  •  

Тыл - суруйааччы ытар саата, быhap быһaҕa, кэрдэр сүгэтэ, анньар үҥүүтэ.
Тыл - суруйааччы дьону ыҥырар чуораана, күндүлүүр аһa, иһэрдэр утаҕа.
Тыл - суруйааччы аллаах ата, көтөр кыната, устар лаапчаана.


  •  

Соҕотох соһорум сыарҕабын,
Билигин эн кэллиҥ-иккиэбит.
Мин урут хаамыынан барарым,
Билигин сиэлиинэн иһэбит!


  •  

Таптаабаты, дьол кырыыр,
Дьон тумнар,атыҥырыыр,
Эрэй эрэ ытыгылыы,
Эрэйдээҕим диэн ааттыыр.


  •  

Таҥара диэн чахчы киһи,
Абааһы эмиэ -кини!
Үтүөҕүттэн,чиччиккиттэн
Ким буоларыҥ -бэйэҕиттэн!

...............
  •  

Дууһабар сарыалы уматыам,
Сүрэхпэр кустугу дьэргэтиэм:
Мин билиэм биир эрэ санааны-
Мүөт дыргыл сибэкки санааны!


  •  

Таптыыбын Саха сирин
Сахалыыта бэрдин иһин!


  •  

Дьиктилээх дьиэ -библиотека,
Өй көстүбэт кылаата,
Аптаах эмтээх аптека-
Арай ону өйдүүр наада!


  •  

Эмиийдээбит ийэбит
Сылаас түөһүн санатар,
Минньигэһин эбитин
Ийэ дойду таптала!


  •  

Куччугуй кутуйах санаалар
Хоруоска сыыһыгар үөрэллэр,
Харса суох санаалар-хахайдар
Хайаны түөрээри тииһэллэр.


  •  

Тапталы кинигэ ааҕаҥҥын,
Уруоктуу үөрэтэн кээспэккин,
Уон омук киинэтин сырсаҥҥын,
Арааһын даҕаны сиппэккин.


  •  

Умай, умай күлэ-үөрэ,
Сырдат эрэ,сырдаа эрэ,
Умай, бүппэт чүмэчим-
Сырдыы сырыт сүрэҕим!


Илиигин даллат да -күөрэйэ көтө тур!
Иҥнимэ,толлума,эр санаа, туругур!


История миэлиҥсэтэ курулуур-
Кырдьыгы кылбата буруустуур. ..
Хаһан кини ситэ кылбайар,
Сымыйа төбөтүн быһа далайар?!


Киһи диэн,
Оо,киһи диэн!
Ол да буоллар,
Улуу да дьылҕалааххын,
Улахан да аналлааххын
Өйүҥ долуой муҥурдаммат,
Үйэҥ отой бараммат!


Кырдьары кымньыылаан биэримэ,
Кырдьарга тиэтэйэр Ким да суох!



Илгэлээх итиилээх, бурҕаҥнас тымныылаах,
Иҥнэри билбэккэ инники дьулуурдаах,
Самныбат саргыга аналлаах
Сахаадам барахсан ! Сахаадам!


Ийэ дойдуҥ иэйиитэ-
Эн сүрэҕиҥ иэйиитэ,
Үйэ сүрэҕин тэбиитэ -
Эн сүрэҕиҥ тэбиитэ.


Үөрэбин дьол диэни
Күннэтэ көрдүүртэн,
Ат гынан көлүнэн
Айааһыы иликтэн.


Кулгаах уһуга ардыгар
Куйаар суоҕу истээччи,
Харах кырыыта сороҕор
Ханна да суоҕу көрөөччү.


  •  

Телевизор эһигини
Тимир быалаан кэлгийбэт,
Көрүмэҥ ээ кинини,
Күүһүнэн ким да күһэйбэт!
 


  •  

Сорох отун-бурдугун
Харыстаары күрүөлэнэр,
Сорох көстөр буруйун
Саптан, уус тыл "күрүөлэнэр".
 


  •  

Мурун- сирэй былааҕа,
Сирэй Чочур -Мыраана,
Дорообо диир кэриэтэ,
Ууна сылдьар илиитэ.
 


  •  

Оҕону, тоҥхоҕор дьону да,
Сэниири,
Үөһэттэн көрөрү,
Үрдүкпүн дэнэри
Сирэбин,
Сирэрбин ааһаммын -
Сиилиибин!
 

  •  

Ойуурга баар
Нарынтан нарын,
Күннээх халлааҥҥа көстүбэтэх
Сир симэҕин намчыта,
Ойуу-оһуор уратыта.



  •  

Күннэр -киһи кэриэтэлэр,
Бары араас сирэйдээхтэр,
Сорох күннэр кэрэлэр,
Сорохторо бүрэлэр.

*


  •  

Сүрэх хааннарын ититэр
Сүрдээх үчүгэй кэпсээннэр.


  •  

Саха тыла -аар тайҕа!
Саха тыла - баай байҕал!
Саха тыла - арҕас хайа!
Саха тыла - мэҥэ халлаан!
Саха тыла - хаар туундара,
Саха тыла - таалар сыһыы,
Күөгэлдьийэр күөх алаас!

  •  

Айхал, сахам тылыгар !

  — "Алгыс" поэматтан.
  •  

Сытыы, быһый сөкүүндэлэр
Сырсан ааһан истилэр,
Сүүрүк -устуук мүнүүтэлэр
Сүр түргэнник көттүлэр.
Оннооҕор наҕыл чаастар
Уһаабакка ааһаллар,
Мөдөөт-көһүүн сууккалар
Бүтэ охсон хаалаллар.

  — Хортуоппуйчаан уолчаан. Остуоруйа. Т.1 стр375.2010. Бичик.


  •  

Куйуур диэн... Бу улахан кыраабыл эрэ саҕа уктаах, икки нэлэгэр тэриэлкэни кэккэлэтэ туппут саҕа куойалаах кыл тэрил төһөлөөх элбэх саханы өлөр өлүүттэн өрүһүйбүтэ, үрүҥ тыынын өллөйдөөбүтэ буолуой?

  — Куйуур. Стр 435.т.1 2010. Бичик.


  •  

...күөрэгэй сиртэн да,халлаантан да тутулуга суох, хайаларыгар да бас бэриммэт көҥүл көтөр.

  — Күөрэгэй. Стр 437. Т 1. 2010. Бичик.


  •  

..."Кэҕэ тугу сиирин билэҕин дуо? Көр эрэ, кэҕэ : "Тоҕус тыылаах киһи баһын сыатын сиэтэхпинэ тотор этим, топпот этим!"-диир үһү. Кэбис, иһиллии сатаабат буол!"...

  — Кэрэ куолас кэҕэ көтөр. Стр 441. Т1. 2010. Бичик.


  •  

Кэҕэ баай хара тыа кыр өстөөхтөрүн - мөлүйүөнүнэн түүлээх үөннэри суох оҥорон даҕаны төһөлөөх туһаны бар дьоҥҥо аҕаларын биһиги бэйэбит билбэппит...
Баай хара тыа хаан өстөөхтөрүн кытта кыргыһа сылдьар буойун эбээт, кини!

  — Кэрэ куолас кэҕэ көтөр. Стр 443. Т.1. 2010. Бичик.


  •  

Былыр кыһыл оҕону туос биһиккэ, ол аата "туос уйаҕа " сытыараллара, көрөллөрө -харайаллара үһү. Ол бэлиэтинэн Туобуйа диэн ааттаах сир баара ("Туобуйа" диэн сири "Туос уйа" диэнтэн тахсыбыта дииллэрэ) туоһулуур буолуохтаах.

  — Туос туһунан тойук. 1 том.2010 Бичик.