Василий Босяк-Босиков Василий Иванович - бэйиэт, Дьокуускай куорат саха тылын биллиилээх учуутала.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Олоҕу киһиэхэ иэс биэрэллэр.
Иэһи хаһан эрэ төннөрөллөр.
Дьоннор!
Олоруҥ олоҕу
Сарсын өлүөх курдук,
Оттон
Ыллааҥ ырыаны
Хаһан да өлүө суохтук.

  — Уолукпар оргуйар санаалар. – Дьокуускай: Бичик, 1996, с.8
  •  

Таптыыбын,
Онон бүтэр!
Эн таптыыргын биллэрбин,
Уонна, арай, соруйдаргын -
Ууга да, уокка да киириэм,
Барытыттан өлүөр тахсыам,
Уонна Эйиэхэ кэлиэм.

  — Уолукпар оргуйар санаалар. – Дьокуускай: Бичик, 1996, с.16
  •  

Саас мутукча тыллыыта
Сүргэни көтөҕөр,
Сүрэҕи үөрдэр.
Күһүн көмнөх түһүүтэ –
Кэхтии буолбатах –
Ситии бэлиэтэ.

  — Уолукпар оргуйар санаалар. – Дьокуускай: Бичик, 1996, с.66
  •  

Сүгүрүйэбин икки күүскэ: тылга уонна тапталга.

  — Баһылай Босяк