Воронкин Михаил Спиридонович

Воронкин Михаил Спиридонович - саха түөлбэ тылын үөрэппит саха учуонайа.


Араадьыйаҕа кэпсээниттэн

уларыт
  •  

1936 сыллаахха мин сэттис кылааһы төрөөбүт тылбынан бүтэрбитим. 1937 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт быыбарыгар агитаторынан үлэлээбитим, ликбезка учууталлаабытым. Үөрэх, култуура, сайдыы, үлэ-хамнас барыта төрөөбүт тылынан кынаттанан сайдыбыта. Биһиги суруйааччыларбыт айымньыларын сыыска түһэрбэккэ ааҕарбыт, ааҕары таһынан киһи барыта хоһоон, кэпсээн суруйа сатыыр... Сахалыы тиэрминнэри үөскэтии үлэтэ барбыта. Онтон 1937-1938 сыллардаахха ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии эмискэ реперссия саҕаланар, дьону тутуу-хабыы. Ойуунускай хаайыллыбыт, норуот өстөөҕө үһү, Аммосов, ону сэргэ атыттар эмиэ норуот өстөөхтөрөр үһү. Итинтэн саҕаламмыта саха тылын кэхтиитэ.

  — Ийэ тыл уонна кини сайдар кэскилэ//"Кэпсээҥҥит, хайдах олороҕут?" Н. Максимов биэриитэ, 1989