Гай Юлий Цезарь - Риим уһулуччулаах бэлиитигэ, полководеһа. "Гааллары кытта сэрии туһунан суруктар" айымньы ааптара.

  •  

Кэллим, көрдүм, кыайдым (лат. Veni, vidi,vici)

  — Б.э. иннинэ 47 сыллаахха Эгиипэккэ Клеопатраҕа ыалдьыттыы олордоҕуна Кыра Азияҕа (Билиҥҥитэ Туурсуйа сирэ) сэрии буолар: Фарнак диэн Боспор ыраахтааҕыта (билигин Кырыым) аҕатын сирдэрин төттөрү ылаары саба түспүт. Бастаан Фарнак кыайан испит, ол эрээри Юлий Цезарь легионнарын аҕалан кинини чэпчэкитик үлтү сынньыбыт. Бу кэннэ атаһыгар Аминцийга ити үс тылы суруйбут. Маны гириэк устуоруга Плутарх ойуулуур. Бу тыллары цезарь биир сыл буолан баран Риимҥэ триумф кэмигэр туһаммытын устуорук Светоний суруйар: колесницатыгар суруйан баран куорат устун айаннаппыт