Гоголев Петр Васильевич

Гоголев Петр Васильевич - Ил Түмэн бэрэстээтэлэ.

  •  

Демократияны хантан да сүһэн ылбаккын. Анал халыыба да, киэбэ да суох. Норуот демократияны бэйэтэ тутар, историятыгар уонна култууратыгар олоҕуран, сыаннастарыгар сигэнэн. Төһө да официальнай история европоцентризмы өрө туттар, биһиги, Арассыыйа норуоттара, евразийскай санаа нэһилиэнньиктэрэ буолабыт, ону эппитигэр-хааммытыгар чугастык иҥэринэ сылдьабыт".
"Конституция федеральнай тутулугар куттал үөскүүр. Федеральнай территориялартан сылтаан. Урут Арассыыйа Конституционнай Суутугар ирдэбиллээх тахсыам диэн этэн турабын. Ол эрэн эппиэт хайдах буоларын эмиэ эрдэттэн билэбин. Федеральнай сокуон ылылла илик – онон мөккүөр төрдө суох диэхтэрин сөп. Арассыыйа Төрүт сокуонун 71-с ыстатыйатын «б» пуунугар олоҕуран территориялары наардааһын федеральнай киин тус боломуочуйата. Ол аата бу сокуон барылын оҥорорго даҕаны регионнары кытыаралларын саарбахтыыбын. Ол да буоллар, суукка биэрдэхпинэ, субъектартан биирдэстэрэ ити боппуруоска дьиксинэрин болҕомтоҕо ылыныахтара уонна, онно олоҕуран, утарсыы баарын өйдүөхтэрэ дии саныыбын.

  Киин куорат хаһыат, 02.04.2020, Розалия Томская ылбыт интервьюта, Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ»
  •  

Буруйдаах барыта моттойоҕо диэбиккэ дылы, билигин туох баар буруйу барытын дьокутаакка сыҕайаллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах.

  Киин куорат хаһыат, 02.04.2020, Розалия Томская ылбыт интервьюта, Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ»
  •  

Ыарахан кэмнэргэ сийиэс, парламент эрэ уопсастыба сайдыытын тосхоллорун быһаарар кыахтаах.

  Киин куорат хаһыат, 02.04.2020, Розалия Томская ылбыт интервьюта, Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ»