Григорьева Люлия Николаевна
Григорьева Люлия Николаевна — Саха Сирин ил уонна уопсастыба диэйэтэлэ. Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ (1985 - 1989).
1938 сылтан саҕалаан 1993 сылга диэри, САССР Үрдүкү Сэбиэтин 12 ыҥырыыта үлэлээн-хамнаан ааспыттара. Ити 52 сылтан 44-гэр өрөспүүбүлүкэбит Үрдүкү Сэбиэтин уһулуччулаах дьахталлар салайбыттара. Ол курдук, I уонна II ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн Софья Петровна Сидорова үлэлээбитэ, IV-V ыҥырыылаах САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн – Мария Дмитриевна Нартахова, VI-IX ыҥырыылаах САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн – Александра Яковлевна Овчинникова, Х ыҥырыыга – Евдокия Николаевна Горохова. XI ыҥырыыга САССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн, биһиги уһулуччулаах дьахталларбыт бэртээхэй кэккэлэрин салҕааччынан ситиһиилээхтик уонна олус үтүө суобастаахтык Люлия Николаевна Григорьева үлэлээбитэ | |
— Жирков А.Н., "Ил Түмэн", Люлия Григорьеваны чиэстээһин |