Грузин өһүн хоһооно
(Мантан: Грузин өс хоһоонноро көстө)
Манна грузин омук тылыттан тылбаастаммыт өс хоһоонноро киирэллэр
- Улахан мас күүстээх тыалы сөбүлүүр
- Ииригирбит ыты өлөрбүт сирдэригэр көмөллөр
- Мүөт баар буоллаҕына сахсырҕа Багдадтан да көтөн кэлиэ
- Кырбыыллар эрээри ытыыр бокуой биэрбэттэр
- Байҕалга тыыннаах ордон баран таммах ууга чачайан өлбүт
- Миигин тыыппатах бөрө уһун олохтоннун
- Таптал суох сиригэ үөрүү да суох
- Бэлэх бэлэҕи эрэйэр
- Сууллар буоллахха өсүөлтэн буолбакка, аттан сууллубут ордук
- Тыыннаах ыт өлбүт хахайдааҕар ордук
- Утуйар таҥаскын хайдах тэлгиигин да оннук сынньаныаҥ
- Тыа хайдах да кыыл оннук буолар
- Үгэс сүтүөн оннугар аҕа ууһа быһыннын
- Ордук саныырдааҕар үтүктүбүт ордук
- Үтүө майгыны баһаартан атыыласпаттар