Дадаскинов Степан Егорович (20.08.1933—29.03.2011) — аҕыйах ахсааннаах омуктар тылларынан Саха араадьыйатыгар саҥарар "Геван" эрэдээксийэни олохтообут суруналыыс, бэйиэт, прозаик.
|
Төрөөбүт тылым!
Эйиэхэ баар эбэм ырыата
Эйиэхэ баар эһэм алгыһа,
Эйиэхэ баар аҕам үөрүүтэ
Эйиэхэ баар ийэм иэйиитэ!
|
|
Эйигин, тиит маспын,
Махтана көрөбүн,
Хорсуҥҥун хайгыыбын,
Тулуургун сөҕөбүн.
Санаабар сахалыы
Саҥарар курдуккун,
Лабааҕын далбааҥҥын
Эн ууммуккун.
|
|
— "Мин хотугу тиитим" ырыа буолбут хоһоонуттан |
|
Эйиэхэ эрэ мин ылларан
Ол халлаан иминии ууллуоҕум,
Эйиэхэ эрэ мин таттаран
Ый-сулус ханнатын умнуоҕум.
|
|
— Эйиэхэ эрэ... |
|
Мин өрүү эйигин түһүүбүн,
Мин өрүү эйигин көрөбүн —
Төрөөбүт тапталлаах Бүлүүбүн,
Мин кэрэ, мин талба өрүспүн!
Харахпар хатыҥыҥ наскыйар,
Санныбар сыа хаарыҥ налыйар.
Иннибэр сүүрүгүҥ дьэргэйэр,
Үрдүбэр чыычааҕыҥ битийэр.
|
|
— Мин өрүү эйигин түһүүбүн |
|
Сөрүүн киэһэ
Өрүс үөһэ
Эһиэкэйбит
Эҥсэр-иэйэр.
Кэнтик диэки
Кэрии тииккэ
Кэпсии-ипсии
Кэҕэ этэр.
Хос ырыата:
Үөһээ Бүлүү
Үрүҥ түүнүн
Үөрэ көрүүй,
Үҥкүүлээриий!
Куорамыкы
Куруук маннык
Сырдыы турдун,
Тойук туойдун!
|
|
— Үөһээ Бүлүү үрүҥ түүнэ |