Далай Лаама XIV, Тензин Гьяцо — буддистар баһылыктара.

  •  

Биир ахсыс үйэҕэ олорбут буддист, Шантидева диэн ааттаах киһи, эппиттээх: трагедия буоллаҕына, эбэтэр буолаары гыннаҕына, анааран көрөр буол. Хайдах эрэ кыайар кыахтаах буоллаххына, санааҕын түһэримэ, хомойума, ол оннугар күүскүн харыстаабакка үлэлээ. Оттон кыайар кыаҕыҥ суох буоллаҕына, санааҕа ылларар туһата суох, онон буолбуту көннөрү, хайдах баарынан ылын. Мин саныахпар бу наһаа туһалаах көрүү. Таҥараны итэҕэйбэт дьон маннык толкуйдуохтаахтар, мин санаабар. Өлүү кэлиэ, хомойуох иһин, хаһан эрэ бары өлүөхпүт. Сороҕор өлөр түгэҥҥэр ис кыаҕы булар ыарахан буолар, бу олоҕу хайдах олорбуккуттан тутулуктаах. Олоҕуҥ тухары тугу эрэ туһалааҕы гыммыт буоллаххына, харчыны эрэ өлөрө сатаабатах уонна дьону кытта өстүйүүнү күөдьүппэтэх буоллаххына, ол оннугар атыттарга тугу эрэ үтүөнү оҥорбут буоллаххына, оччоҕо тиһэҕэр кэмсинии суох буолуо. Киһи олоҕун дьоһуннаахтаахтык олорбут буоллаҕына, бүтэһик түгэнигэр кэмсиниэ суоҕа. Дьоһуннаахтык олороруу өссө биир төрүөтэ манна сытар. Биһиги бары өлүөхпүт, эрдэ дуу, хойут дуу, ол иһин өлөр түгэҥҥэ кэмсиммэт туһуттан, олоҕу дьоһуннаахтык олоруохтаахпыт. Ол аата, кыахтаах буоллаххына, аттыттарга үтүөнү оҥор, ол сатаммат буоллаҕына, сатаатар, куһаҕаны оҥорума.

  — Один буддийский мыслитель, живший в восьмом веке, его звали Шантидева, сказал: когда случается трагедия, или вот-вот случится, проанализируйте ситуацию. Если вы можете как-то ее преодолеть, тогда не предавайтесь отчаянию и грусти, а трудитесь, не жалея сил. Если не в ваших силах справиться с этой ситуацией, тогда беспокоиться бессмысленно, просто примите ситуацию как есть. Я думаю это очень практичный подход. Неверующие именно так и должны рассуждать, на мой взгляд. Да, смерть придет, это печально, но мы все умрем. Иногда в сам момент смерти трудно найти в себе внутреннюю силу, это зависит от того, как вы прожили жизнь. Если вы всю жизнь делали что-то полезное, не только зарабатывали деньги и наживали врагов, но делали что-то хорошее для других, тогда в конце не будет сожалений. Если человек прожил свою жизнь достойно, тогда и не будет сожалений в последний момент. Вот еще одна причина жить достойно. Мы все умрем рано или поздно, и чтобы в момент смерти не испытывать сожалений, надо прожить жизнь должным образом. Это значит, если можете, служите другим, если нет, то по крайней мере не причиняйте им вреда. // Учуонайдары кытта кырдьыы уонна өлүү туһунан кэпсэтии. 2013.04.15