Дапсы Мэхээлэ
(Мантан: Дапсы (Алексеев Михаил Петрович) көстө)
Дапсы (киһи) Бикипиэдьийэҕэ? | |
Category: Биики Хааһахха? |
Дапсы, Дапсы Мэхээлэ, Михаил Петрович Алексеев — саха тылын биллиилээх чинчийээччитэ, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, Саха араадьыйатыгар 25 сыл устата тахсыбыт "Биһирэм тыл" биэрии ааптара.
Саҥарыы тылыттан сурук сокуонун ирдээмэҥ. | |
— Ааҕааччыбар//Алексеев-Дапсы, Михаил Петрович. Биһирэм тыл: саха тылын дьиҥнээх таптааччыларга, харыстааччыларга. Дьокуускай, Бичик, 2013. - 368 с. |
Мурун ЫЙ-ын бэлиэтиир буукуба алпаабыкка суох. Бу дорҕоон саха тылыттан сүттэҕинэ, тыл иэйиитэ, сүрэ суох буола түһэр. Ол өйбүтүгэр, сүрэхпитигэр кытта сабыдыаллыыр. | |
— Ааҕааччыбар//Алексеев-Дапсы, Михаил Петрович. Биһирэм тыл: саха тылын дьиҥнээх таптааччыларга, харыстааччыларга. Дьокуускай, Бичик, 2013. - 368 с. |
Эр үтүөтэ ойоҕо, оҕото-уруута суох буоллаҕына, дьиэтэ-уота хобдохсуйар, кэскилэ кэрэгэй дьылҕаланар. |