Дедюкин Василий Георгиевич

  •  

Таммахтар, таммахтар, таммахтар,
Чурулуу-чурулуу таммахтар,
Күн уотун күүһүттэн тиллэннэр,
Көйгүөрэн, көйгүөрэн эрэллэр.

  — Таммахтар

Кини туһунан уларыт

  •  

Биһиги үһүс кууруска тиийбит дьылбытыгар поэт буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит Василий Дедюкин хаһан эрэ урут үөрэнэ сылдьыбытын хат сөргүтэн усутудьуон буолан үөрэммитэ. Элбэх саҥалаах кэлбит-барбыт киһи этэ. Баһын иһэ баллыгырас санаа икки, хоһоон тыла икки буолан, биһигиттэн хайдах эрэ ураты эйгэлээх, атын тыыннаах киһи курдук көрөрбүт. Литэрэтиирэни аахпыта, истибитэ-көрбүтэ элбэҕинэн биһигиттэн таһыччы билиилээх этэ. Суруйааччылары, хаһыат үлэһиттэрин кытта куруук алтыһар, кинилэр араас түмсүүлэригэр, мунньахтарыгар, биэчэрдэригэр сылдьар, эҥээрдэһэр киэҥ ыырдаах буолан, үөрэҕин көтүтэрэ эрээри, хайа да бэйэлээх предмеккэ билбэккэ соһуллубута диэн суох буолара. Арыгы иһэр диэн буолара да, биһиэхэ биирдэ да итирэн соһуллан, суумнаан-бууннаан көрдөрбөтҕө. Таҥаһа-саба да куруукк ыраас, тып курдук буолара. Тугу барытын бэйиэт хараҕынан тэҥнии, ъолуйа көрөн хоһуйа сылдьар үгэстээҕэ. Олру кэлин хоһоонун тылларыгар киллэрбит буолара.

  — Аан дойдуга ханна да суох үөрэх... СС-65 аатыттан Н.И. Филиппова, М.П. Федорова // Самныбат саргылаах сахабыт салаата, Дь. Бичик, 2014, С.142