Диоген - былыргы гириэк бөлүһүөгэ, Коринф куорат олохтооҕо.

  • Дьон хараҕа уонна атаҕа суох буолартан куттаналлар, ол иһин хараҕа, атаҕа суохтарга ас, харчы бэрсэллэр, оттон бөлөһүөк буолуохпут диэбэттэр, онон бөлөһүөккэ тугу да бэрсибэттэр.
  •  

Киһини көрдүүбүн!

  — маннык саҥара-саҥара дьон быыһынан күнүс чүмэчилээх хаамара эбитэ үһү.
  •  

Туораа! Күммүн хаххалаама!

  — Б.э. инн. 335 сыллаахха Александр Македонскай Коринф куораты сэриилээн ылан баран, уруккуттан истэр Диогеныгар тиийэн "Тугу баҕарбыккын биэриэм, көрдөө" диэбитигэр, итинник хоруйдаабыт.