Дмитрий Ефимович Егоров (Таатта олонхоһута)

Дмитрий Ефимович Егоров (1874 сыллаах төрүөх) Мизлинсэ- һит ойуун этэ. Кини олонхоһут былыытынан кэрэхсэнэн, ыалтан ыалга, туора да нэһилиэктэргэ тиийэ ығырыллан олоҥхолуура даҕаны, ойууннуура даҕаны. Кини ойуун быһыытынан сахаҕа киэнник туттуллубут, саха биир сүрүн «Ынахсыт таттарар» сиэрин-дуомун суруйтаран хаалларбыт эбит. Мантан аллара ону кытары билсиэҕиҥ: «ЫНАХСЫТ ТАРДАР МАЙГЫНА» Ынах сүөһү төрдө Сэттэ Ынахсыт төрдүгэр Ынах- сыт Хотуҥҥа айыыта суох битииһит киһилээх Айыы Ойууна ал- гыстааҕынан алҕатан киирэн, ынах сүөһү кутун-сүрүн көр- дүөн ылан ала дьүһүннээх сүөһүгэ, оҕуска, ынахха үөтэн, ынах сүөһүнэн байаллара. Ону «Ынахсыт тардар» диэн аат- тыыллара, Сайын тардаллара, күрүөлээх, моойдоох үс сэргэни туруораллара, Сэргэлэри сиэллээх, томторуктаах эриэн ситиннэн симэниллиэхтээх. Дьиэттэн сэргэлэргэ диэри чэчир анньаллар. Күрүөҕэ аҕалан ала дьүһүннээх ынахтаах атыыр оҕуһу баайал- лар, онно эбии ынах нһитин толору суораттаан, хааһыны, арыы- ны кутан бэлэмнииллэр. Сэттэ кыыс дьахтары, тоҕус уолан дьон- нору (айыыга киирбэтэхтэри) битииһит диэн ааттаан бэлэмииил- лэр. Сиэмэҕэ суох, айыыта, буруйа суох Үөһээ Үрдүк Айыыт- тан тутулуктаах Айыы Ойуунун ыҥыран аҕалаллар, Бары битии- һиттэр сахалыы оноолоох сону, дьабака бэргэһэни, симэхтээх дьахтар этэрбэһин таҥнан, алгыска киирэллэр. Алгыстаах ойуун бастыыр, кини кэнниттэн хаҥас өттүгэр битииһит кыргыттар, уҥа өттүгэр битииһит уолаттар сиэтти- һэн тураллар уонна бары сайыҥҥы күн тахсыытын (тус илин) диэки хайыһан туран айанныыллар. Алгыстаах Ойуун аан дойду бары нччилэрин. Үөһээ Үрдүк Айыыны сахалыы ырыанан ал- ҕаан, аартыгын арыйан, ыалларын ааттаан, Ынахсыт Хотуҥҥа тин- йэн, сайынҥы түүн устатыгар дьол-соргу көрдөһө турар, ону битинһит кыргыттар-уолаттар толору үтүктэн, батыһан иһиэх- тээхтэр. Ынахсыкка кинрэргэ хас да суол моһол олохторун ааһал- лар, кинилэр туой мэһэйдэһэн көрөн хаалаллар. Сорох ар- дыгар оҕус буолан кэйэн, өлөре сыһан куоттаран кээһэллэр, ардыгар кырыыллар. Алгыстаах Ойуун сэттэ кыыс, тоҕус уол битии- һит дьон арыалдьыттаах Ынахсыт дойдутугар кинрэн, түөрт мас үүт күрүө ааныгар тохтоон, маныыһыт, сүөсүһүт кыргыттарга тиийэн, тобуктаан олорон, үнэн-сүктэн, тоҕус ура- һанан олорор Ынахсыт Хотуҥҥа тыл оҕустаран, ынах сүөһү кутуна аҕалан кулу диэн көрдүүр. Онуоха сүөсүһүт кыргыт- тар дьиэрэҥкэйинэн ойуолаан, Ынахсыт Хотуҥҥа баран, айыыта, кирэ, дьайа суох дьон кэлэн көрлүүллэрин кэпсээн, сүөһү кутун тутан биэрэргэ дьаһал ылан, дьиэрэикэйинэн көтөн кэлэн, ыҥырыа эриэн устээх хара тутан Биэрэллэр.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара