Дмитрий Семенович Бястинов-Быытыгый уус (Таатта олонхоһута)
Кинилэртэн биирдэстэрэ Дмитрий Семенович Бястинов-Быытыгый уус (1863 1938 сс.). Бу киһит- тэн 1933 сыллаахха Сэһэн Боло саха былыргытын туһунан хас да үһүйээни, сэһэни суруйбут эбит. Кини сэһэнньитин таһынан хас да олоҥхону билэрэ уонна олоҥхолуура үһү. Ол гынан баран, наар биир сиргэ бүгэн олорон уһаммыт буолан, олоҥхоһут бы- һыытынан соччо-бачча биллибэтэх.Быытыгый уус улахан уола Миханл Дмитриевич Бястинов эмиз тимир ууһа уонна нэһилиэгэр балайда үчүгэйдик биллэр олоҥхо- һут эбит. Кини хас да олонхолооҕуттан «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бе Бөҕө» эрэ биллэр.Егор Дмитриевич Бястинов-Тарбыын эмиэ хас да олонхону олоҥхолуура үһү. Ол гынан баран олоҥхотун тыла-өһө ыстырыыс соҕус буолан, оҕо-дьахтар баарына олоҥхолоппоттор эбит. Олоҥ- холорун аата-суола биллибэт.Дмитрий Дмитриевич Бястинов-Баассаҥ оҕонньор Быытыгый ууһу кытта бииргэ төрөөбүт киһи уола. Сэрии иннинэ П.А.Ойуу- нускай ыҥырыытынан, куоракка киирэн, «Ньургун Боотур» олоҥ- хону олоҥхолоон, хайҕанан, илиинэн эрийэр иистэнэр массыына- нан уонна обургу харчынан бириэмийэлэнэн тахсыбыта биллэр. Кини бырааттарыттан, олоҥхоһут Бэстиинэптэртэн барыларыттан баһыйа ордук олоҥхоһут киһн эбитэ үһү. Мантан аллараа быраат- тыы уус, олонхоһут Бэстиинэптэр тустарынан былыргыта кинилэ- рн кытары булкуһан улааппыт, сэрин группалаах инбэлиитэ Се Семен Иванович Протопопов «Бэстиинэптэр» днэн ахтыы суругун ааҕыаҕын:«Соҕуй» Амматыгар Амма уҥуор «Түөнэкэй» диэн сиргэ олор- буттара. Сайылыктара хайа кутуругар баара, оттон Амманы өксө- йө үс биэрэстэлээх сиргэ кыстыыр этилэрэ. Бу халыҥ аҕа ууһа этэ. Манна аҥардас суруйааччы чугас аймахтарын туһунан, сороҕун дьонтон истибиппин, сороҕун бэйэм билэрбин суруйабын. Минтэрэй Сэмэнэбис Бэстиинэп Быытыгый уус (1863 1938 се. ), Кэ Кэргэнэ Маарыйа. Кинилэр сүүрбэтэ оҕоломмуттарыттан уон оҕолоро улааппыттара, 9 уол, биир кыыс. Оҕонньор үрдүк унуох- таах, курбуу курдук, барбыт-кэлбит, турбут-олорбут, сытыы киһи эбитэ үһү. Мин кинини 1936 сыллаахха Чымынаайыга «Чаран- ҥа» Артем Таллаевтаахха дьукаах олорон көрбүтүм, Оттон эмээх- синэ Маарыйа кыра уҥуохтаах, соччо саҥата-иҥэтэ суох этэ, 1948 сыл диэки Сэмэннээххэ көрөрүм. Кинилэр улахан уоллара Мэхээлэ уус диэн этэ. Кэргэнэ Өлөксөөндөрө, уон тоҕуста оҕо- ломмуттарыттан үс уол, үс кыыс баарын өйдүүбүн. Мэхээлэ чахчы үчүгэй тимир ууһа этэ. Амма өрүс тааһын уулларан тимири ылара уонна онтон араас туттар тээбириннэри сүгэ, быһах, анньыы эҥин оҥороро, Алтантан солууру, алгыйы тардан оҥо- рон баран, иһин дуйдуура. Кэлии колхоһугар уһаммыта, от охсор массыына чаастара алдьаннаҕына, үлтүркэйдэрин холбуу тутан сиэттэрэ, иһэрдэрэ. Сатаабатаҕа диэн ончу суох быһыылааҕа. Мэхээлэ эдэригэр араас сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыталаабыт. Өймөкөөнүнэн, Айаанынан, Охотскай муораҕа тиийэ, туос сатыы сылдьара үһү, Атаҕынан балайда кыанар киһи биллибэккэ көс- түбэккэ хаалбыт.Дьон билэринэн балайда олонхоһут киһи этэ, хас да олонхо- лоохпун диирэ. Олоҥхолууругар аан бастаан ис хоһоонун кэпсин- рэ, онтон дьэ ырыатын ыллыыра. Улахан уола Дьаакып орто уҥуохтаах, бэйэтэ сылдьан эрэ үөрэнэн суруйар, ааҕар буолбута. Кол Колхоһугар хонуу биригэдьииринэн үлэлээбитэ, бэйэтэ улахан туруору үлэһит киһи этэ. Куруутун сатыы сылдьара. Балааҕыйа диэн кэргэннээҕэ. 1942 сыллаахха Армияҕа ынырыллан барбыта уонна онтон эргиллибэтэҕэ, Қиниттэн Уйбаан, Аана диэн уоллаах кыыс хаалбыттара. Иккиэн ыал аҕалара, ийэлэрэ, эбэлэрэ буо- ланнар Уйбаан Харбалаахха, Аана Ытык Күөлгэ олороллор.Быытыгый уус иккис уола Дьөгүөр Тарбыын кыра угуохтаах, элбэх саналаах, барбыт-кэлбит киһи этэ. Элэригэр эмиэ Өймө көөнүнэн, Айаанынан, хоту оройуоннарынан тэлэһийэн сылдьы- быт киһи. Хаартыһыт этэ, ол эрээри хаартылаан сүүйэн да, сүүй- тэрэн да кэлбитэ биллибэт, Балайда олоҥхолуура, олоҥхотун этиитин син бэркэ этэрэ да, ырыатын-тойугун кыайбат этэ. Икки уоллааҕа, икки кыыстааҕа. Улаҳан уола Дьөгүөр Дьокуускайга национальнай байыаннай оскуоланы бүтэрбитэ уонна сэрии бас- такы сылыгар Армияҕа ыҥырыллан барбыта уонна төннүбэтэҕэ. Иккис уол Ыстапаан атын оройуонҥа барбыта уонна Дьабарыкы Хайа шахтатыгар үлэлии сылдьан, аварияҕа түбэһэн өлбүтэ, Улахан кыыһа Кэтиринэ мал ийэтэ, эбэтэ. Иккис кыыс Маайа Харбалаахха олорор, эмиэ ыал ийэтэ, эбэтэ.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара.