Дмитрий Устинович Андросов

Дмитрий Устинович Андросов-Тардыас Баайаҕа (1878-1952 сс.) эдэр-сэнэх эрдэҕинэ онно-манна ыҥырыыга сылдьан, өрөөбүт уоһун өһүлэн, хоммут уоһун хоннорон хоһуйдаҕына, тутахсыйбыт санаата тупсан туойдаҕына ван ийэ дойдутун аҥардастыы арҕаран ыллыыра, күнүн сирин көҥүл өттүттэн күрүөһүлээн хоһуйара, Дмитрий Устиновиһы биһиги, дойдутун дьоно Кэлэҕэй Минтэрэй диэн аатынан эрэ билэрбит, Тардыас Баайаҕа диэн аатынан кинини билэр киһи арааһа билигин аҕыйах буолуохтара. Ол бэйэтэ кыра да буоллар туспа остуоруйалаах. Былыр-былыргыттан была быстыбатах Баайаҕа эбэ хотун биир толуу тойуксута Кэлэҕэй Миитэрэй Баайаҕа Томторуттан соҕуруу көс холобурдаах «Хорбут» диэн сиргэ кыстыктанан, «Кэлэҕэй Булгунньаҕа» диэн сиргэ сайылыктанан, саллар сааһын бараабыта, үллэр үйэтин монообута, Кэлэр-барар, сытыы-хотуу үлэһит киһи буолан, бэйэтин хоп курдук кыанан, сэниэ соҕустук олорбута. Эмээхсинэ Даайалыын Ылдьаана уонна Бүөтүр диэн оҕолорун иитэн-аһатан киһи-хара оҥортообуттара. Бүөтүр улаатан, ситэн-хотон баран, аҕата ырыаһытын удьуордаан буолуо, олус дьэҥкэ, ыраас куоластаах ырыаһыт буолбута да, аҕатыгар быдан тиийбэт куоластаах ырыаһыт диэн ыкса ыаллараахсарбат этилэрэ.

  •  

Андросов Е.Д

  — [[]]