Дьулуруйар Ньургун Боотур (Ойуунускай)

Дьулуруйар Ньургун Боотур — суруйааччы, бэйиэт, учуонай Былатыан Ойуунускай кумааҕыга тиспит олоҥхото. Манна ол олоҥхоттон быһа тардыылар киирэллэр.

  •  

Аар-дьаалы! Алаатыгар эминэ-туомуй!

  — Абааһы уола
  •  

Сыалдьыйа бүтэй
Сырдаахтаан көстөр
Сыаналаах сылаас этигэр
Сытан сыламныам этэ диэммин,
Көһүтэригэр
Көхсө кыараабыта буолуо диэммин,
Кэтэһэригэр
Кэтэҕэ көһүйбүтэ буолуо диэммин,
Кэбэлийэн-кэбэлийэн
Кэллим эбээт...

  — Абааһы уола
  •  

Үөһээ өттүгүтүттэн
Үргүөр үргүйбэтин!
Аллараа өттүгүтүттэн
Аргыар аргыйбатын!
Илин өттүгүт ибири билбэтин!
Кэлин өттүгүт
Кэбири көрбөтүн!

  — Айыы Умсуур удаҕан
  •  

Ойох ыла кэллим диэбити
Оройун охсор буоларым

  — Кыыс Ньургун
  •  

Сиһим үөһүн
Сэймэктии иликкинэ,
Үрдүк мындаабар
Үөмтэрбэтим буолуо...

  — Кыыс Ньургун
  •  

Ытаама, кукаам,
Ытааҥҥын даҕаны
Өлбүтү-өспүтү
Өрүһүйүөҥ суоҕа...

  — Ньургун Боотур
  •  

Охсуһууҥ хаһан уурайан
Ойох-эр буоламмыт,
Алаһа дьиэбитин тэринэн,
аал уоппутун оттунан,
Сыта-олоро
Сыллаһыахпыт буолла?!!

  — Туйаарыма Куо
  •  

Аарт-татай! Алаатаҥ!
Алтан түөстээх далбарайым,
Ахтыбыт даа эбиккин...
Көмүс түөстээх күөрэгэйим,
Көһүппүт даа эбиккин...

  — Уот Уһутаакы