Дьэбириэй өһүн хоһооно
Манна ивриттэн тылбаастаммыт өс хоһоонноро киирэллэр
- Харчыта суох кылабыыһаҕа илдьибэттэр
- Кырбаммыт ыкка маһы көрдөрбөттөр
- Харчыта суох уруу - ыраах уруу
- Таҥара - аҕа, дьылҕа - ииппит аҕа
- Толору иһиккэ ууну куппаккын
- Иэс ылан баран доҕорун сүтэрбит
- Арыгы киирбит - кистэлэҥ тахсыбыт
- Оҕо уонна акаары кырдьыгы этэр
- Акаары ардаҕа суох үүнэр (улаатар)
- Күстээх уокка ууруллубут күөс түргэнник уолар