Елизавета Ивановна Мигалкина - саха суруйааччыта, бэйиэт, учуутал, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Куйаар хараҥа далайыгар
кыра-куйа күөх Сир -
күлүмүрдэс оонньуур.

  — Халлаан устун суос-сатыы. - Дьокуускай: Бичик, 2014, с.8
  •  

Кыларыйан турар кырдьыгы
Кыайан истэҕит дуо, доҕоттоор?..

  — Халлаан устун суос-сатыы. - Дьокуускай: Бичик, 2014, с.12
  •  

...кыларыйар кырдьык курдук
кырта маҥан хаар түһэр,
кирдээх-хохтоох айыы сирин
кийиит гына симии сатыыр...

  — Халлаан устун суос-сатыы. - Дьокуускай: Бичик, 2014, с.16
  •  

Аараан аартыктар тиксэн эрэ ылар айыллыылара:
Аан дойдуга дьахтардаах эр киһи...

  — Халлаан устун суос-сатыы. - Дьокуускай: Бичик, 2014, с.21