Иван Егорович Огочуяров-Баспарыйа (Таатта олонхоһута)

Иван Егорович Огочуяров-Баспарыйа бу үйэ бастаны анарыгар олорон ааспыта Қини «Улуу Сыһыы» уонна «Сатаҕай» алаастарга олохтоох Егор Леонтьевич Ого- чунров уонна Екатерина Тимофеевна диэн ийэлээх аҕаттан тө рөөбүтэ, Байбал, Сэмэн, Маайа уонна Уйбаан диэн түөрт бииргэ төрөөбүт оҕолор этилэр Оҕолортон кыралара Уйбаан адьас эдэр сааһыттан олонхоҕо убаммыт, ырыаҕа абылаппыт эбит. Онуоха кини Леонтий Александрович Огочуяров днэн киэн сир- дэринэн кэрийбэккэ, ыраах сирдэринэн ыырдаммакка, адьас биир сиргэ бүгэн, саһан олорбут обургу олонхоһут эһэтин удьуордаан, кини туйаҕын хатаран олоҥхоһут буолбута үһү диэн Дьүлэй кырдьаҕастара кэпсинллэрэ. «Иван Егорович-Баспарыйа барахсан олус да кэрэ, чуор, илбистээх тыллаах ох курдук орто үчүгэй олонхоһут этээ, - диэн Дьүлэй биир ытык кырдьаҕаһа Ойуотам Уйбаан (Шукин) ахтан аһарбыттаах. Киин олоҥхотун сирин-дойдутун, отун-маһын ымпыктаан-чымпыктаан, уустаан-ураннаан этэрэ даҕаны, олоҥ- хотун тойугун да дэгиттэр кыайа тутан толороро даҕаны. Ордук илиэһэй бөҕө идэмэрдээхтэрин эккирэтиһэн иҥнэрбит, сор муҥ соллонноохторун сонордоһон туран солбонуппут, адьарай бөҕө ааттаахтарын ааҥнаан туран аймаабыт айыы бухатыырын ырыа- затын киһи эрэ киэн туттан истиэх курдук үрдүк өрө күүрүүлээх- тик толороро. Төһөнөн уһуннук олонхолуур да, соччонон куо- лаһа ордук чөллөрүйэн, ырааһыран, кэҥээн, дорҕооно тупсан иһэрэ диэн киии олонхолуурун түбэһэ түһэн биирдэ истибит Дмитрий Ильич Рахлеен кырдьаҕас сөҕөн-махтайан кэпсээбитэ, Иван Егорович-Баспарыйа кэргэнэ Евдокия Павлова диэн сурах- тааҕа, хас оҕолоохторо-уруулаахтара биллибэт. Олоихолоруттан Ханас өртүнэн хаарымтаҕай хара аттаах Харалай Хапсаҕайа Хара Ньургун», «Үс үүт күрүөнү үрдүнэн көстөр үрүмэччи манан аттаах Үрүн Уолан» олонхолорун аат- тара эрэ биллэр. Иван Егорович-Баспарыйа ааспыт улуу сэрии бастакы сылларыгар, халлаантан хааппыла да уу түспэккэ ума- йар уот кураан таннары сатыылаан, сир ийэ буортан биир да сэрбэйэр күөҕү үүннэрбэт алльархайдаах аһыҥа түһэн, ула- ханнаахай сут-сүтурҕан, хоргуйуу саҕаламмытыгар кэргэттэрин иитэн-аһатан, тыыннаах хааллартыыр кыһалҕаҕа кыпчыттаран, Хаандыгаҕа тахса сылдьыбыт эбит. Кинини кытары бараа сыһа саастаах, эмнэ Дьүлэй ууһун киһитэ Бүөтүр Арбадаев уола Ньу- кулай Түмэпнэйэп кэргэнинээн Анастасия Петровналыын балай- да олонхоһут, ырыаһыт дьон советскай былаас сылларыгар саха былыргы олонхото, ырыата аахайыллыбат буолбут кэмигэр оло- рон ааспыт буоланнар, кэмигэр кэрэхсэммэккэлэр, өйөммөккөләр хаарыаннаахай олонхолорун, эмиэ атын саха бары олоҥхоһут- тарын курдук кимнэхэ да суруттарбакка, бэйэлэрин тустарынан бэлиэ хаалларбакка интиллибит ийэ буордарыгар илдьэ кэрнэс, бардахтара дии Оннооҕор кинилэр олоҥхолообут олонхолорун ааттарын-суолларын биир эмэ кырдьаҕас истэн, өйдөөн хаалбата- ба хомолтолоох. Н.П.Тимофеев кэргэнэ Анастасия Петровналыын «Маалын- чаайы» уонна «Чыппахы» алаастарга олорон ааспыттар эбит. Сыллар, хонуктар биллибэккэ-көстүбэккэ сыыйа-баайа, аргыый аҕай, тыаһа- yyha суох сыыллан, бииртэн-биир ааһан истэхтэрии.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара