Икки - 2 ахсаан.

Өс хоһоонноро

уларыт
  • Дьол икки хараҕа суох
  • Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабат
  • Икки ойуун иирсээнэ суох олорбот

Сомоҕо домохтор

уларыт
  • Икки ардыларыгар (ардыларынан) уу тохтубат (тэстибэт) (Улахан доҕордуулар)
  • Икки атах (атахтаах) (иннинэн сирэйдээх; босхо бастаах; бороҥ урааҥхай) (Киһи аймах)
  • Икки илиилээх (уус) (Киһини кимиттэн көрөн, биитэр үчүгэй, биитэр куһаҕан гына оҥорор үгэстээх ууһу этэллэр)
  • Икки илиитинэн (Үөрүүнү кытта ылар)
  • Икки саар (саары) ыккардынан (Саарбах соҕустук, иһэ-таһа иэмэ-дьаама биллибэт курдук; саараан)
  • Икки сирэй буолар (антах-бэттэх сирэй буолар) (Икки өстөөх дьоҥҥо иккиэннэригэр бэрт буолар)
  • Иккиһин (иккистээн) төрөөбүт саҕа (курдук) санаа (Өлөр суолтан быыһаммыт биитэр улаханнык үөрбүт киһи этэр)
  • Икки тараҕай быттаспытыгар дылы (Икки туга да суох киһи бэйэ-бэйэлэриттэн көрдөспүттэрин (умналаспыттарын) этэллэр)
  • Иккитинэн истибэт (Истиэн да баҕарбат, буолуммат)
  • Иккиттэн биирбит буолуо (Икки утарсыылаах киһиттэн хайаан да биирбит хотуо, кыайыа диэн этии)
  • Иккиттэн биирин... (Саараҥнаабакка, икки өрүттээх суолтан биири оҥоруу)
  • Иккитэ эрбэҕин эргитиэ, үстэ сөмүйэтин төгүрүтүө (Албынныа)
  • Икки хараҕа тэстэринэн (Наһаа түргэнник)
  • Икки харахпар көстүмэ (Киэр бар (буол), көрүөхпүн баҕарбаппын)