Иммануил Кант (1724-1804) — ньиэмэс бөлүһүөгэ, Кенигсбергэ олорбута. "Критика чистого разума" диэн үлэтигэр (1781) дьон бөлүһүөпүйэ кыһалҕаларын быһааралларыгар тулалыыр эйгэни буолбакка, бэйэлэрин өйдөрүн-санааларын чинчийиэхтээхтэрин туһунан эппитэ.

  •  

Дьулууруҥ сүрүн тосхоло киһи-аймах бүттүүнүн сокуона буоларын курдук хамсан.

  — Поступай так, чтобы максима твоей воли могла бы быть всеобщим законом.
  •  

Киһи сырдыкка хараҥа туһунан, дьолго алдьархай туһунан, ньыр-бааччы олоххо сор туһунан дэҥҥэ саныыр, оттон хараҥаҕа сырдык туһунан, алдьархай ааҥнаатаҕына дьол туһунан, сорго ньыр-бааччы олох туһунан куруук саныыр үгэстээх.

  •  

 Сыыллар үөҥҥэ кубулуйбут киһи тэбистилэр диэн үҥсэргиирэ төһө сөбүй?

  — «Тот, кто становится пресмыкающимся червем, может ли затем жаловаться, что его раздавили?»
  •  

Сиэрдээх буолуу диэн дьоллоох буоларбыт туһунан үөрэх буолбатах, хайдах дьолу ыларга холоонноох буоларбыт туһунан үөрэх.

  •  

Бөлүһүөпүйэ соруга бэйэ кирбиилэрин быһаарарга сытар

  •  

Икки эйгэ баар: биирэ эппитинэн-хааммытынан билэр-көрөр эйгэбит, уонна дьиҥнээх эйгэ.

  •  

Элбэх киһи оҕо сааһын ордук дьоллоох кэминэн ааҕар. Ол эрээри оннук буолбатах. Оҕо саас диэн киһи олоҕун ордук ыарахан кэмэ, тоҕо диэтэххэ кини оҕо сааһыгар батталга сылдьар, дьиҥнээх доҕордонор кыаҕа суоҕун кэриэтэ, көҥүлэ буоллаҕына отой да суох.