Иосиф Бродскай
Иосиф Бродскай — нуучча аатырбыт бэйиэтэ.
Кини туһунан
уларытНобель бириэмийэтин лауреата Иосиф Бродскай Саха сиригэр кэлиитэ кини олоҕун тосту уларытан, дьылҕатын суолун ыйан, салайан биэрбитэ интервьюга кэпсээниттэн биллэр. Ол курдук, оройуоҥҥа экспедицияҕа бараары сөмөлүөт хаайтарыытыгар түбэһэн, халлаан көнөрүн кэтэһэн балайда уһун кэтэһиигэ түбэспит. Онно Дьокуускай куорат уулуссаларынан хаама сылдьан кинигэ маҕаһыыныгар киирэн Баратынскай хоһооннорун кинигэтин ылан ааҕар. Бу кинигэни ааҕан баран өр көрдөммүт бэйэтин булбуттуу олоҕун айар үлэни кытары ситимниир санаа кынаттыыр, маҥнайгы, бэйэтэ этэринии "суолталаах хоһооннорун" суруйан барар. Салгыы Нерюнгри оройуонугар үлэлии тиийэн баран Чульман туһунан хоһоонун суруйбут. | |
— Тина Илларионова, “Иосиф Бродскай уонна Саха сирэ” поэзия киэһэтэ буолан ааста, Улус Медиа |