Спиридон Тарасович Павлов (Таатта олоҥхоһута) Испии Тарааhап — эмиэ үтүө олоҥхоhут киhи, ааспыт уйэ иккис аҥарыгар, бу уйэ саҥатыгар Бэрээйигэ, «Испии Хомустааҕа» диэн сиргэ олорон ааспыта. үтүө олоҥхоhут эрээри киэҥ сирдэринэн дьалбаабатах, кэтит сирдэри кэрийбэтэх олус сэмэй киhи сурахтааҕа. Ол да буоллар, дойдутугар-сиригэр эмиэ ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьан олоҥхолуура. Олоҥхонон, ырыанан атын дьон курдук олус үлүhүйэн, батыhан дьарыктамматах. Хас да олоҥхону билэрэ, олортон бэйэтэ таптаан олоҥхолуур олоҥхото «Орто дойду уорҕатыгар тура төрөөбут Тойон Ньургун» сурахтааҕа.

Испии Тарааhап киэҥ-куоҥ далааhыннаах, сеҥ, модун, дохсун куоластааҕа. Олоҥхолуур олоҥхолорун үстүү-түөртүү хонугу мэлдьи сыhан-соhон ыллаабат этэ, сөп соҕустук ходьоччу олоҥхолоон бутэрэрэ үhү. Хата ол оннугар үгүс көрдөөх-нардаах тойуктардаах, чабырҕахтардаах буолар этэ диэн кэпсииллэр.

  •  

Андросов Е. Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара