Кевин Келли
Кевин Келли (Kevin Kelly) — фотограф, издатель
Урут киһи-аймах устуоруйатыгар хайдахтаах курдук өйдөммөт түгэннэр буолбуттарай. Ону элбэхтэ аахтаххытына билиэххит. Уонна кэлин буолар өйдөммөтү аһара аймаммакка ылыныаххыт. | |
— Read a lot of history so you can understand how weird the past was; that way you will be comfortable with how weird the future will be. |
Бытаан сайдыы сайдыы суоҕунааҕар мөлүйүөн төгүл ордук. | |
— Slow progress is still a million times better than no progress. |
Кириитикэ бастыҥ көрүҥэ – ордук үчүгэйдик оҥоруу. | |
— The best way to criticize something is to make something better. |
Кими эмэ куустаххына, хаһан баҕарар бүтэһигинэн ыһыктар буол | |
— Whenever you hug someone, be the last to let go. |
Барыларыгар иккис кыахта биэрэр куолу, ол эрээри үсүһү буолбатах. | |
— You owe everyone a second chance, but not a third. |
Ааспыты "арай?" диир туһата суох. Буолуохтаахха "арай?" диир аһара туһалаах. | |
— Asking “what-if?” about your past is a waste of time; asking “what-if?” about your future is tremendously productive. |
Ханна олороруҥ – ханнык куоракка эбэтэр дойдуга – туохтааҕар да ордук эн туруккар дьайар. Аны олоххор атыны уларытар уустук буоллаҕына, ханна олорору бэйэҥ талыаххын сөп. | |
— Where you live—what city, what country—has more impact on your well being than any other factor. Where you live is one of the few things in your life you can choose and change. |
Олоххо туох эрэ астынар дьарыктаах буолуохтааххын, баҕар оччо ситиһиитэ суох да буоллун. Онон дьарыктанаргар эн эдэргин. Хаһан да ол дьарыктан кыбыстыбат буол. | |
— There should be at least one thing in your life you enjoy despite being no good at it. This is your play time, which will keep you young. Never apologize for it. |