Киһи
Киһи - дьонтон биирдэстэрэ.
Синиэнимнэрэ: икки атахтаах
Сомоҕо домохтор
уларыт- Лээби киһи
- Икки атах
- Иннинэн сирэйдээх
- Киһилии киһи
- Киһи киһитэ
- Киһи-хара буол
- Иллэҥ ыт эмэһэтин саланарыгар дылы (Тугу да гынара суох киһи солуута суох дьыаланан дьарыктанарын этэллэр)
- Киһи айаҕар баппат тыл (Быдьар тыл, үөхсүү тыл)
- Киһи аахсыбат киһитэ (Куһаҕан киһи, акаары, киһи сатаан өйдөппөт киһитэ)
- Киһи баара холлуо дуо (Оҕо кыратык да туһалаатаҕына итинник этэллэр)
- Киһи билэр киһитэ (Кини баҕас кимэ-туга (куһаҕана) биллэр киһи, онон улаатымсыйбатын диэн өйдөбүллээх)
- Киһи буол, кии буол (Үчүгэй да, куһаҕан да буол, онно мин кыһаммаппын)
- Киһи гыммат (Тулуппат, киһилээбэт)
- Киһи да күлэр (Күлэргэ олуона түбэлтэҕэ бэркиһээн күллэхтэринэ этэллэр)
- Киһи иннигэр тыһы кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да билбэт (Атын киһи итэҕэһин, кыра да буоллар, көрөр, бэйэтин киэнин, улахан да буоллар, билиммэт)
- Киһи иннин сарбыйар (Киһи инники кэскилин алдьатар, киһини киһи буоларын сарбыйар, куһаҕаҥҥа тиэрдэр)
- Киһи итэҕэһигэр кэлбит киһи (Киһи ахсаанын ситэрэр суолтаҕа сылдьар сыппах, туһата суох киһи)
- Киһи иилэн ылар киһитэ (суох) (Тонуктаах, балачча үчүгэй, дьоһуннаах, өйдөөх киһи (суох)
- Киһи куйахата ытырбахтыах
- Киһи кута-сүрэ тохтообот
- Киһи кэпсэппэт (көрбөт), ыт үрбэт буолбут, ынах кэйбэт (маҥыраабат) (Буорайбыт, быстыбыт, ким да кыһаммат, аахайбат, ахсарбат буолбут)
- Киһилии санаалаах (Үчүгэй киһи)
- Киһини билбэт буолбут (1. Улахан ыарыыттан өйүн сүтэрбит. 2. Улахамсыйбыт)
- Киһини билэр (өйдүүр) буолуоҕуттан (Олох кыратыттан)
- Киһини былдьаабыт (Алдьархайга (уокка, ууга, адьырҕа кыылга) киһи түбэһэн өлүүтүн этэллэр (харыстаан этии)
- Киһи сирэйин (хараҕын) таба көрбөт (Кыбыстар, саатар, дьулайар)
- Киһи тыла хонор (Ким эрэ туһунан куһаҕан кэпсээн, хоп-сип тарҕанара)
- Киһи тылга иҥниэ
- Киһи тылын истэр
- Киһи тылын уйбат ( Кэпсэтии кыра энчитин сөбүлээбэт, кыыһырар)
- Киһитэ кини (мин, эн) буоллаҕа (Кини, (мин, эн) бэрт (куһаҕан) буолан, оннук буоллаҕа дии диэн этии
- Киһи тэҥэ суох (Улаатымсыйбыт, киэбирбит)
- Киһи=хара буол (Үчүгэй олоҕу олор, үчүгэй киһи буол)
- Киһи эрэ аатын ылан (сылдьар) (Киһи сыппаҕын, мөкүтүн туһунан итинник этэллэр)
- Киһи эрэ буоллар (Төһө да кинитин иһин, бэйэтэ баһыттарар түбэлтэҕэ түбэһэн)
- Киһи эрэ буолларгын (Эр бэрдэ буоллаххына (оннук гын, биитэр оннук гыныма)
- Киһи эрэ кырдьыктаммат диэн (Наһаалаабыт киһини сэрэтии, буойуу: кыыһырдахпына куһаҕан буолуо)