Куохайаан Степан Саввин

Куохайаан(Таатта олоҥхоһута) Куохайаан (Степан Саввин) эмиэ икки үйэ кирбиитигэр Хан- ньаска төрөөн-үөскээн, олорон ааспыт киһи. Кинини кытары эдэр сылдьан куодарыспыт, ырыатын-тойугун, олоҥхотун истибит дьон- нортон билигин эмиэ Суорун Омоллоон эрэ баар. Қуохайаан «Толугур» диэн алааска олорбута. Қини олоҥхо- тун, ырыатын истибит кырдьаҕастар наһаа ыар, нүһэр, сөҥ куо- ластаах, куолаһын дэгиттэр уларыта сылдьан ыллыыр, дьиҥ- чахчы сиртэн-халлаантан ыйаахтаах улуу олоҥхоһут олорон аас- пыта диэн сэһэргэһэллэрэ. Уһун ньолбоҕор сирэйдээх, ордьоҕор тиистээх, орто уҥуохтаах киһи эбитэ үһү. Хас да оҕолооҕуттан соҕотох кыыс ордон, Халҕаайап диэн киһиэхэ эргэ тахсан, Дьө- гүөр уонна Ыстапаан диэн уолаттары төрөтөн, билигин иккиэн Чөркөөххө олороллор. Дьөгүөргэ эһэтиттэн ыллыыр-туойар дьоҕур сыстыбыта иһиллибэт, арай Ыстапаан билигин народнай театрга сыстан артистыыр үһү, Ыллаатаҕына-туойдаҕына сүрдээх үчүгэй, дьэҥкэ куоластаах диэн иһиллэр. Онон былыргы кэм эбитэ буол- лар, кини эрэ эһэтин туйаҕын хатарара, талаана кыайан чөллө- рүйбэккэ, сайдыбакка хаалыа буоллаҕа диэн Чөркөөх олохтоох- торо сылыктыыллар.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

==Литэрэтиирэ==Таатта олоҥхоһута,ырыаһыттара

.