Кылачыыһап (Алексей Николаевич Харлампьев) олоҥхоһут туһунан Тааттаҕа чугас эҥэринэн истибэтэх кырдьаҕас көлүөнэ дьонтон бэрт аҕыйах буолуохтара. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу Таатта Эбэ Хотуммут хонноҕор хорҕотон, быттыгар кыбы- тан, уорҕатыгар уган, ырыаһыт дьылҕалаан, олоҥхоһут оҥорон, сээркээн сэһэнньит гынан ситэрэн-хоторон, кичэйэн-киспэлээн анаан айбыт ытык киһитин туһунан кэпсиирбит кэмчи буолан биэрдэ. Кини туһунан ыксалаһан үөскээбит Суорун Омоллоон убайбыт үчүгэйдик билэрэ-көрөрө бука хаалан эрдэҕэ. Кылачыыһап бу үйэ сүүрбэһис, отутус сылларыгар уутуйан олоҥхолоон, ыллаан-туойан ааспыт киһи сурахтааҕа, Кини уруккута Ханньас нэһилиэгэр төрөөбүт-үөскээбит киһи. Уһун сирэйдээх, хара бараан дьүһүниээх, кыра уҥуохтаах киһи сурахтааҕа. Хас да олоҥхону билэрэ, ыллыыра диэн буолар. Кини олоҥхотун сирин-дойдутун, киһитин-сүөһүтүн саас-сааһынан араартаан, дьүһүннээн-бодолоон, ыпсаран-хопсорон этэр хомоҕой, уус-уран тыллаах-өстөөх буолан, атын үгүс олоҥхоһуттартан балайда чорбойор олоҥхоһут этэ диэн кэпсииллэр. Оттон Кылачыыһап чабырҕах тылын этэн бардаҕына, киһи кини этэр тылын кыайан өрүһүйэн истибэт гына түргэнник, имигэстик этэрэ үһү. Кини үгүс ахсааннаах олоҥхолоруттан ордук «Мохтообот Оҕо Модун Хара» диэн үс түүннээх күн тохтообокко толоруллар олоҥхолооҕо. Ыллыыр куолаһа да киһи иһиттэр истэ олоруон курдук үтүө-кэрэ этэ диэн кэпсииллэр.

  •  

Андросов Е.Д

  — [[]]