С.А. Сибиэрэп - Кыыл Уола (1900-1973) - олоҥхоһут, оһуохай этээччи, суруйааччы, артыыс, саха сценаҕа толоруллар үҥкүүлэрин уонна саха фольклорун муусукатын айааччы

  •  

 Сарсын - сарсын сарсыарда
Сайар халлаан сарыыта
Сандал күнүм тахсыыта
Салгын сиигэ көтүүтэ
Субу субу томторго
Түһүлгэлиэ түспүт ньии
 Эһиэкэйдиир дьиэрэйбит
 Оонньуу - күлүү олоҕурбут
 Сарсын-сарсын сарсыарда
 Уруй туску олорбут
 Саргы - дьаалыы сатараабыт
 Субулуура томторбор
 Хойут кэнэҕэс көрдөххө
 Ача күөҕүм лаглайыа
 Торҕоолору торолуйуо
 Дьонум сэргэм тоҕуоруйуо

  Сарсын-сарсын сарсыарда
  •  

Атын арыы адьыната
Утары муора кубулҕата
Өлгөм өлүү айдааннаах,
Идэиэр дьаллык бииһэ
Өлбөт-соллоҥ куодаама
Утарсар күннээх буоллаҕына,
Уоттаах хараҕын умуруоруоҕуҥ,
Өргөс кылаанын тоһутуҥ,
Өһүөннээх өйүн үлтүрүтүҥ.
Саргыбыт сабырыйа турдун,
Өрөрөгөйбүт үрдүү турдун!

  Аныгы ыччакка алгыс (Кыыл Уола), "Кэскил хаһыат" 2020 с. бэс ыйын 30 к. нүөмэриттэн, 7 сир. ылылынна