Алексей Андреевич Иванов-Күндэ - саха суруйааччыта, бэйиэт, учуонай.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Марба сүрэҕэ аһыйа түстэ, сирэйэ кубарыс гынна, этэ-сиинэ тымныйталаата.

  — Марба, (Сүүрбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ. Дьокуускай: Бичик, 2000, с.29)
  • Түүкэригэс Түүҥҥү туҥат Кытыылара Кыыһа оонньоон Көтөҕүллэн, Көтөн тахсан Ундаарыйа Унаарбыта.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1979, с.91.
  • Иһириктиир ойуурум Ибир самыыр курдук Илгэлэрдээх туҥата Тумарык маҥан сыһыыларга Тунаарталаан түспүтүн Эҕэрдэлээн этэбин.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1979, с.98.
  • Кылбайа тыган тахсар күннээх, Кыыһар туҥат былыттаах.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.97.
  • Харыйа мас Халанчалардаах, Хатыҥ ойуур Хаһаарымалардаах.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.99.
  • Тумарык маҥан халлаан Тураҕас күүгэһэ Күүгүнүү-күүгүнүү Күрүлүү оонньообута.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.101.
  • Тэтэгэркээн мутукча Тэлээхийдээн тахсыбыт.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.103.
  • Кэриэн ымыйалар кэккэлэспиттэр, Чороон ымыйалар Чуоҕуспуттар.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.104.
  • Кыыһар былыт Кырыыта Уот садарах буолан, Умайан таҕыста.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.107.
  • Иһирик ойуурум Сымала симэһинэ Ибир самыыр курдук Ибиириллэн таҕыста.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.112.
  • Кыһыл саһыл Кылбардыыр, Кэрэмэс саһыл Кэнтиктиир.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.116.
  • Кыһыл талах тамалҕаннардаах, Кыһыл буурай сэтиэнэхтээх.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.122.
  • Килэгир муус Килбиэннээх, Хара тордох буруолаах.
Күндэ Кыыһар туҥат, Дьокуускай, 1979, с.128.

Кини туһунан

уларыт

“Күндэ дириҥ иэйиилээх дьиҥнээх поэт буолан, ханнык да чуор кулгаахтаах киһи истибэтин истэрэ, ханнык да кыраҕы харахтаах киһи көрбөтүн көрөрө...” Софрон Данилов;