Лонгинов Дмитрий Семёнович

  •  

 Д.С.Лонгинов диэн Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал суруйбута баар:
"Саҥа тылланар оҕо, ханнык омугуттан тутулуга суох, төрөөбүт тылын истэ-билэ, саҥара үөрэннэҕинэ, өйдүүр өйө, майгыта-суобаһа, сайдыыта ордук үчүгэй буоларын наука дакаастаабыта өр буолла. Оҕо атын тыллары үөрэтэригэр төрөөбүт тылын билиитэ тирэх буолар.
Мин үйэм тухары төрөөбүт тылларын тумнубут, үрдүк да үөрэхтэммит дьон хомойоллорун, төрөппүттэригэр хомнуулларын элбэҕи истибитим...
Төрөөбүт тыл - оҕоҕо ийэ үүтүн тэҥэ, тыынар салгын, иһэр уу, аһыыр ас. Быһатын эттэххэ, киһи буоларга күүс-уох биэрэр өлбөт мэҥэ уута. Киһи аймах улуу дьоно бука бары төрөөбүт тылларынан уйэлээҕи, кэрэни айбыттара.
Дьэ ол иһин мин сахалыы саҥа хаһан да сүппэтэр диэн баҕа санаабын суруйдум".
Дмитрий Семёнович Лонгинов оҕонньор "иинин өҥөйө сытан" суруйбут кэриэс тыллара бар дьонун кулгааҕар иһиллиэн, сүрэҕэр тиийиэн баҕарабын.

  Софрон Данилов