Лоҕуй Киргиэлэй (Таатта олоҥхоһута) Лоҕуй Киргиэлэй — Павлов 1-кы Игидэй нэhилиэгэр, Бэрээйи сиригэр «Сатаҕай» алааска олорбута. Кыра уонна уhун Ньукулаабалар аҕаларын быраата. Кытархай хааннаах, ньолойбут уhун сирэйдээх, улахан, бөдөн-садан оҕонньор эбит үһү. Ааспыт үйэ бастакы аҥарыгар төрөөбүт уонна революция быдан иннинэ өлбут. Кини хастыы да хонукка ылланар хас да олоҥхону билэрэ, олортон дьон ордук таптаан, сөбүлээн, тоҕус түүннээх күн тохтообокко тохсус олоххо диэри олоҥхолонор, «Айыы Сабардаан» олоҥхону истэллэрэ. Лоҕуй Киргиэлэй олус үтүө олоҥхоhут эбитэ үhү. Ыалтан ыалга, нэhилиэктэн нэhилиэккэ, оннооҕор туора улуустарга тиийэ ыҥырыыга, мааныга тиэллэ сылдьан олоҥхолуура. Баай Оруоhуттар сайыҥҥы улахан, киэҥ түмсүүлээх ыhыахтарыгар ыҥырыллан олоҥхолуура, ыллыыра. Былыргы саха ырыаларын элбэҕи билэрэ. Оннооҕор улахан түмсүүлээх, элбэх киhилээх сахалыы үҥкүүгэ, оhуохай курдук ырыа тылын, кинилэр хамсаныыларыгар сөп түбэhиннэрэн этэрэ. Былыргы саха остуоруйаларын, чабырҕаҕы, таабырыны да дэгиттэр элбэҕи билэрэ.

  •  

Андросов Е. Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара