Лыткина Анастасия Петровна
Лыткина Анастасия Петровна — саха аатырбыт ырыаһыта, саха ырыаһыт дьахталларыттан бастакыннан консерваторияны бүтэрбит киһи.
Кини туһунан
уларытАнастасия уонна Ирина маанылара диэн, бу күлсэллэрэ элбэҕэ, хатана, минньигэһэ киһи эрэ мух-мах барыах курдук... Анастасия Петровна муус-маҥан ырбаахылаах, эмиэ маҥан түүпүлэлээх, дьиҥнээх саха Туйаарыма куота эбэтэр "Хотугу сибэкки" диэн Г. Григорян опереттатыттан тахсан кэлбит Татыйык, "Лоокуут уонна Ньургуһун" операттан туллан түспүт Ньургуһун илэ бэйэтинэн курдук. Дьэ иккиэн саамай күннээн сылдьар саастара, саха кыргыттарын кылааннаахтара, саха норуотун киэн туттуулара. Кинилэртэн кыбыстарым, салларым диэн сүрдээх. Туой уолаттарым кэннилэригэр түһэ сылдьабын. Ол эрээрикинилэртэн кэлэр салгын бу сылааһын, сымнаҕаһын, ичигэһин, киһи туймаарыах курдук, дьэ күлүмнэһэн түһэн кыргыттар да кыргыттар... | |
— Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997 |
...Концерт бүтүүтүгэр легендарнай Сальчак Тока сценаҕа тахсан Анастасияны илиититтэн ылан инники күөҥҥэ таһааран баран "Анастасия Лыткина саха күөрэгэйэ, саха норуотун килбиэннээх кыыһа, алмаастан ордук сыаналаах саха норуотун баайа" диэбитин биһиги бары үөрэ истибиппит... | |
— Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997 (1968 с. Тува өрөспүүбүлүкэтигэр САССР култууратын уонна ускуустубатын күннэрин туһунан) |
...Анастасия театр улахан гастролларыгар ханна да барбытын иһин түргэнник көстөр-биллэр балаһыанньаны ылара. 1961 с. Бурятия республикатыгар Саха республикатын делегациятын састаабыгар сылдьан бурят норуотун тапталын, сүгүрүүйүүтүн ылбыта. "Ырыаларын бурят радиотыгар элбэхтик суруйтаран хаалларбыта, бэрт чаастатык биэрэллэр," — диэн Бурятия култууратын диэйэтэллэрэ кэпсииллэрин истэрим. | |
— Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997 (ахтыыттан) |
Тутта-хапта сылдьара кэрэтэ, ордук сыанаҕа тахсара — устан иһэр кубаны санатара. | |
— М. Николаева, СӨ үтүөлээх артыыһа "Айылҕаттан айдарыылаах артистка этэ" // Кэрэҕэр сүгүрүйэ, долгуйа. 1998, 53 с. |
Онно көрбүтүм — хантан эрэ, олоҥхо дуу, остуоруйа дуу дойдутуттан мунан, ааһан иһэн алҕас түспүт кыырай халлаан маанылаах көтөрө кыталык барахсаны санатар көрүөхтэн дьикти, кэрэ, олус мааны, маҥан, кыраһыабай бэйэлээх дьахтар көбүс-көнөтүк туттан, сиртэн-буортан тэйбиттии чэпчжки-чэпчэкитик дугуммахтаан, проспект устун хааман кынталдьыйа турбута. | |
— Өркөннөөх Өлөксөөс, Дьиҥнээх Туйаарыма Куо кини этэ. // Кэрэҕэр сүгүрүйэ, долгуйа, 1998. С. 75-86 |
Дьэрэкээн толбонунан суһумнуур | |
— Леонид Попов, Кустук |
Эн куолаһыҥ күөх алаас | |
— Кындыл Уйбаан, А.П. Лыткинаҕа |
Билбэтим | |
— Варвара Потапова, Ырыа |
Варшава халлааныгар | |
— Иван Алексеев, Солистка ыллыыр |