Манчаары Баһылай (Федоров Василий Федорович) (1805—1870) — номоххо киирбит, ырыаҕа ылламмыт көҥүлүн үрдүктүк туппутунан норуокка биллибит сүдү киһи.

Манчаары бэйэтэ айбыт айымньылара, уонна кини туһунан айымньыларга атын дьон кини "айаҕар укпут" тыллара тус-туһунаннар.

Манчаары (драма, Күлүмнүүр, 1908)

уларыт
  • ...убаҕаһыгар хамыйахтаммытым аҕыйах буолуо, кытаанаҕар уһуктаммытым мөлтөх буолуо.
  • Ама тулаайаҕым иһин мин да тэбэр тымрдаахпын, ама дьадаҥым иһин мин да оонньуур хааннаахпын.
  • Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту оборон ылан байбытынан алыс киһиргээбэтин.
  • Сүрэҕим-быарым улллан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына, утуйар да уум уу буолбат, аһыр да аһым ас буолбат.
  • Билигин да кыайтарбатахтарын, хотторботохторун иһин хойуккутун хойут, кэнэҕэскитин кэнэҕэс, биһиги курдук санаалаах дьон элбээн истэхтэринэ, маннык хараҥа баттабыл, маннык муҥура суох атаҕастабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа.

Манчаары ырыаҕа

уларыт
  •  

Эйэҕэс майгыннаах эдэркээн Манчаары
Эйээрэр куолаһа эймиирэ маардары.
Эгэй дуо эгэйик, эгэй дуо эгэйик.

Кыталык ырыата — манчаары күлүүтэ
Кыргыттар куттарын долгутар да этэ.
Эдэр саас, эдэр саас, эдэр саас уруйдан!

  Тимофей Сметанин тылларыгар Ольга Иванова ырыатыттан