Манчаары түөкүн - Күлүмнүүр 1908 сыллаахха суруйбут дыраамата.

Манчаары тыллара

уларыт
  • ...убаҕаһыгар хамыйахтаммытым аҕыйах буолуо, кытаанаҕар уһуктаммытым мөлтөх буолуо.
  • Ама тулаайаҕым иһин мин да тэбэр тымрдаахпын, ама дьадаҥым иһин мин да оонньуур хааннаахпын.
  • Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун супту оборон ылан байбытынан алыс киһиргээбэтин.
  • Сүрэҕим-быарым улллан тохторугар тиийдим. Эйигин санаатахпына, утуйар да уум уу буолбат, аһыр да аһым ас буолбат.
  • Билигин да кыайтарбатахтарын, хотторботохторун иһин хойуккутун хойут, кэнэҕэскитин кэнэҕэс, биһиги курдук санаалаах дьон элбээн истэхтэринэ, маннык хараҥа баттабыл, маннык муҥура суох атаҕастабыл мөлтүөҕэ, уурайыаҕа.

Маарыйа эмээхсин (Манчаары ийэтэ)

уларыт
  • Тугу истиэмий, арай абаҕаҥ оҕонньор эн үтүө быһыыгын кэпсиэн сир сырайдаата, буор харахтаата. Хайдах гыныам баарай - халлааҥҥа көтүөхпүн кынатым суох, сиргэ тимириэхпин уһуга суох буолан хааллым.
  • Тыый, тукаам, туох тылын тылластаҥый, туох саҥаны саҥардаҥый.
  • Аҕаҥ өлбүтүн кэннэ түөрт киһи кэлэн ыйыта сатаан кээстэрэ, ону оҕобун аан дойдуттан араарымаарыбын, иэримэ дьиэтиттэн иэдэтимээйэбин диэн бу тоҥ модьоҕону кэтиэн олорор буолбаппын дуо.